Саамай күүтүүлээх, туох эрэ таабырыннаах Саҥа дьылбыт дьоро күнэ чугаһаан иһэр. Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин И.Е.Левин аатынан Танара орто оскуолатыгар уонна Мукучу гимназиятыгар бу остуоруйа курдук алыптаах киэһээни улахан оҕолорго 11 кылаастар, кыраларга 4 кылаастар тэрийэн ыытар буолбуттара ыраатта. Ол курдук, эрдэттэн хас биирдии кылаас остуоруйа бэлэмнээн туруорар, анаммыт истиэнэтин ол остуоруйатынан киэргэтэр.
Таһырдьа хаар оҥоһук арааһын оҥороллор. Быйыл оскуолабыт таһыгар 12 сыл бэлиэлэрин оҥордулар. Маныаха бастыҥ уус, сатабыллаах эһээлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт көмөлөһөллөр. Быйыл бастакынан оҕуһу оҥорбуттара. Ол оҕуспут: «мин бастакыбын,» — диэбиттии чемпион мэтээлин кэтэн турар.
Кылаастарынан сыл үүнэр 2023 сыл символын оҥорууга күрэх биллэриллибитэ. Араас куобахтар: “быйыл биһиги сылбыт, атыттар тохтуугут” – диэн баран кэлэн турунан кэбиспиттэрэ көрүөхтэн кэрэ.
Бу барыта конкурс быһыытынан барар. Дьүүллүүр сүбэ бастыҥы быһаарарыгар “тиритэ” түһэрэ буолуо
Бука барыгытын кэлэн иһэр Саҥа дьылынан! Үүнэр сыл үтүөнү, или-эйэни эрэ түстээтин!
“Арылы” – пресс-бөлөх,
Кэбээйи улууһа, Мукучу