Түргэн тэтимнээх олохпут олус күүскэ сайдар. Сайдыы хас да өрүттээх дииллэринии сөптөөх болҕомто уурбатахха, сатаан салайбатахха омук төрүт дорҕооно, тылын сүөгэйэ-сүмэтэ сүтүөн, симэлийиэн, умнуллуон сөп. Маннык харгыстар тахсыбатыннар, үүнэр ыччат төрөөбүт тылын, дорҕоонун илдьэ сырыттын, сөпкө тутуннун, харыстаатын диэн санааттан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын киинин үлэһиттэрэ «Харыйаны сахалыы буукубанан киэргэт» саҥа бырайыагы саҕалаата.
Бырайыак чэрчитинэн оскуола оҕолоругар онлайн маастар-кылаастар ыытыллаллар. Манна саха тылын, алфавитын, төрүт дорҕооннору лекция быһыытынан сырдатабыт уонна саҥа дьылга сыһыаннаах илии оҥоһугун, харыйа киэргэлин СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Василена Шарина быһаарар, оҥотторор. Василена Валериевна талааннаах тарбахтаах маастар эрэ буолбатах, кини идэтинэн саха тылын уонна литературатын учуутала, филолог, ол иһин нуучча да, саха да тыллаах оҕолорго тиийимтиэ, ылынымтыа гына кэпсиир.
Саҥа бырайыак туһунан Василена Шарина санаата: «Саха тылын идэлээх учуутала буоламмыт киин сиргэ төрөөбүт, олорор оҕолор ийэ тылынан саҥарарга, суруйарга кыһалҕаны көрсөллөрүн билэбин. Төрөппүт быһыытынан куорат оҕото сахалыы сатаан саҥарбатын, өйдөөбөтүн ыараханнык ылынабын. Ол иһин, бу олус интэриэһинэй уонна кэскиллээх бырайыакка үөрүүнэн кыттыстым. Сайаапкалар өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан күн бүгүн киирэ тураллар. Кылаас бүттүүнэ, биирдиилээн оҕо кыттар баҕалааҕын биллэрдэ. Бырайыагы учууталлар уонна төрөппүттэр сэҥээрэллэр. Номнуо Өлүөхүмэттэн Н.М.Корнилов аатынан 2 Нөөрүктээйи оскуолата , Дьокуускайтан Ф.И.Авдеев аатынан Оҕо дыбарыаһын алын кылааһын оскуолата, 3№-дээх орто оскуола, Ньурбаттан Н.Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолата уонна ыраах Уус Маайаттан Е.И. Апросимов аатынан агрооскуола, Саха гимназията, Амма улууһуттан Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуола, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия үөрэнээччилэрэ маастар-кылааска кытыннылар. Оҕолор олус үөрэллэр, сөбүлүүллэр, соһуйаллар, онлайн бириэмэ уһуна эбитэ буоллар дииллэр. Учууталлар сахалыы буукубалары үөрэппит темабытын маастар-кылаас форматынан чиҥэтэргэ, хатылыырга олус табыгастаах диэн биһирээтилэр, төрөппүттэр кэскиллээх бырайыагы өйүүллэр».
Кэлэн иһэр саҥа дьылынан!
Доминик Шадрин,
1 «б» кылаас, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан национальнай гимназия, Дьокуускай.
Төрөппүт Валерия Шадрина.