Анжелика Егорова Күүкэй оскуолатын 11 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ. Кини биһиги эдэр кэрэспэдьиэммит, «Кустук» пресс-киин кылаабынай эрэдээктэрэ. Анжелика сатабылынан пресс-киин олус ситиһиилээхтик үлэлиир, эдкордар сонуннара өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанар.
Кини олус үчүгэйдик үҥкүүлүүр, ыллыыр, өссө гитараҕа оонньуур эргиччи талааннаах кыыс. Араас таһымнаах олимпиадаларга уонна тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттан, оскуолатын аатын куруук ааттата сылдьар.
«Биһиги дьүөгэбит Анжелика куруук үөрэ-көтө сылдьар, дьоҥҥо аламаҕай сыһыаннаах, көрсүө-сэмэй майгылаах киһи. Биһиги кырабытыттан, бэйэ-бэйэбитин кытта өйдөһөн-өйөһөн, көмөлөсүһэн истиҥ сыһыаннаах доҕордоһон кэллибит. Дьүөгэбит хайа да түгэҥҥэ киһиэхэ ураты болҕомтолоох, куруук көмөлөһөргө бэлэм, үтүө сүбэһит. Анжелика английскай тылыгар эбии дьарыктанар, этэҥҥэ экзаменнарын туттаран сөбүлүүр үөрэҕэр киириэн баҕарабыт», — диэн бииргэ үөрэнэр доҕотторо киэн тутта кэпсииллэр.
Анжелика саха тылын ыраастык билэр. Кинигэни олус үчүгэйдик ырытан ааҕар. Дорҕоонноох ааҕыыга киһи эрэ истэн олоруон курдук наһаа айымньылаахтык ааҕан кэрэхсэтэр. Саха тылын таптыырын киэн тутта этэр. Ол да иһин буолуо, Уһук Илин уонна Сибиир үөрэнээччилэрин төрөөбүт тылга олимпиадатыгар, саха тылыгар уонна литературатыгар үөрэнээччилэр Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадаларыгар 2 миэстэ буолбута.
Анжелика кыра эрдэҕиттэн эппиэтинэстээх, кэрэ эйгэни кэрэхсиир оскуола киэн туттар үөрэнээччитэ. Кини сайаҕас дириҥ ис култууралаах, ыраас туттуулаах кырасыабай, үтүө санаалаах холобур буолар кыыс.
Санаабытын ситиһэн, толкуйдаабытын толорон төннөр кыыс техникаҕа кытта сыстаҕас. Трактор ыытан сайын от мунньар, кэбиһэр. Элбэх үчүгэй ыралаах бастыҥ үөрэнээччи Саха сирин Ил Дархан Харыйатыгар баран кыттыыны ылар буолбута, бу — барыбыт үөрүүтэ буолла!
«Кустук» пресс-киин, Күүкэй.