Биһиги быйылгы үөрэх саҕаланыытыттан, медиаоскуолаҕа араас предметтэргэ видео-контент устан саҕалаабыппыт.
Билигин номнуо алтыс видеороликпытын устан бүттүбүт.Биһиги, салайааччыбытыныын, Акулина Трофимовналыын история уонна география предметтаригэр хайдах видео устубуппутун кэпсии түһүөм. Хаһан даҕаны блогер курдук идэнэн дьарыктаныахпыт дии санаабатахпыт, ол иһин араас түгэннэргэ уопуппут суох буолан көрдөөх-нардаах түгэннэр бааллар. Биирдэ оҕолор уста турдахтарына камерабыт иитиитэ бүтэрэ субу кэлбит этэ, оруобуна бүтэһик устуу хаалбыта. Ону «болбуктата» диэхтээҕин «болбох» диэн күллэрбитэ. Ол тылы эппитин кэнниттэн иитиитэ бүтэн хаалбыта.
Биһиги медиаоскуолабытыгар өссө да ситиһиилээхтик үлэлиэхпит диэн эрэнэбин. Бу оҕоҕо уонна уопсастыбаҕа да туһалаах бырайыак.
Лена Заборовская,
IX кылаас,
Боронук, Үөһээ Дьааҥы