Мин ийэм Ольга Самуиловна саха тылын учуутала. Кини соторутааҕыта саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын 2-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэhигэр сэтинньи 22-24 күннэригэр Дьокуускай куоракка кыттан кэллэ.
Бүлүү улууһуттан 17 дэлэгээт, саха тылын, алын кылаас учууталлара, оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ, бэтэрээн учууталлар, төрөппүт, Бүлүү улууһун үөрэҕириитин салалтатын начаалынньыга буолан кыттыыны ылбыттар. Сийиэскэ Саха сирин араас муннугуттан 500-тэн тахса дэлэгээт мустубут. Манна үгүс үөрүүлээх көрсүһүүлэр, киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилэр ыытыллыбыттар, сахалыы үөрэххэ саҥа аартык арыллар дьоро түмсүүтэ буолбут.
Түмүккэ, саха тылын уонна литературатын үөрэтии кэнсиэпсийэтин дьүүллэһэн, чопчулаан олоххо киллэрии, кыра уонна оскуола саастаах оҕолорго сахалыы эйгэни чугаһатыы, куорат эйгэтигэр төрөөбүт тылынан үөрэтии – бу барыта төрөөбүт тылынан саҥарыы, сайдыы биир сүрүн олуга буоларын, хас биирдии учуутал, төрөппүт, эдэр ыччат, оҕо өйдүөх тустаах диэн биир санааҕа кэлбиттэр. Сийиэс тэрээһинин кэмигэр ийэбэр «Cаха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин систиэмэтин туйгуна» бэлиэ туттараннар, үлэтэ сыаналаммытынан биһиги оҕолоро, бииргэ үлэлиир дьоно, үөрэтэр үөрэнээччилэрэ үөрдүбүт. Ити курдук, бу улахан хамсааһыҥҥа мин ийэм кыттыбытыттан киэн туттабын.
Саяна Григоррьева,
«Seven up» эдкора,
Тааһаҕар, Бүлүү.