Быйыл Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэбит 100 сааһыгар анаан элбэх тэрээһиннэр буоллулар.
Ол курдук, биһиэхэ Ньурба оройуонугар сэтинньи 27 күнүгэр «Эти-хааны уонна спорду сайыннарар» муниципальнай казеннай тэрилтэ 100 харахтаах дуобат күрэҕин үрдүк таһымҥа тэрийэн ыытта. Боростуой дуобаттан уратыта диэн 10*10 килиэккэҕэ оонньонор уонна сүрүн 3 быраабылалаах буолар.
1-Хаҥалас аатыттан 4 киһи кыттыыны ыллыбыт. Миигин математикам учуутала Туяра Анатольевна Алексеева кытыннарда. Ол түмүгүнэн, кини чемпион үрдүк аатын сүктэ, онтон мин боруонса мэдээли ылан үөрүүм үксээтэ.
Уопсайа 8 сүһүөххэ арахсан сарсыардаттан кытаанах киирсиилэр саҕаламмыттара. Күрэхтэһии буолан баран куруук ким эрэ кыайар, ким эрэ хотторор. Кыттааччылар үксэ разрядтаах спортсменнар. Онтон мин кыра сааспыттан сөбүлээн оонньуур буоламмын харса суохтук оонньостум дии саныыбын.
Учууталбар уонна бириис туруорбут Ньурба ДЮСШ-атыгар улахан махталбын тиэрдэбин.
Олеся ПЕТРОВА, «Ыллык» эдкорпост,
Ньурба, Хаҥалас.