Саха норуодунай бэйээтэ Семен Титович Руфов 1927 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонугар Тамалакаан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Тамалакаан орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Анастасия Трофимова «Мин алта нэһилиэк уолабын» диэн хоһоонугар олоҕуран Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр бэртээхэй тэрээһини ыытта.
Төрүт нэһилиэгим Харбалаах
Хайаан да бастаан ахтыллыахтаах.
Онтон сырдык оскуолабар
Үөрэммитим Ороһубар
Көлөһүммүн тамалатан
Улааппыт сирим Тамалакаан.
Хааным аҥаара — ийэбиттэн,
Ол аата — Нам нэһилиэгиттэн.
Саанньыкаба диэн эбэбин
Санаан — Дүллүкүбүн дэнэбин.
Балаҕаннааҕы тумнар сыыһа:
Иккис эбэм — Бүөчүккэ кыыһа.
Алта нэһилиэк уолабын
Абааһыны муннарабын.
Көрдөөн-кэрийэн сыратын быстын
Уонна дьэ булан сии сырыттын.
Алта нэһилиэк сирэ-уота,
Чэгиэн салгына, ыраас уута.
Үтүө дьоннорун үгэстэрэ
Сылаас тыллара,мичээрдэрэ —
Эппэр-хааммар иҥмиттэрэ,
Өйбүн-санаабын ииппиттэрэ.
Алта нэһилиэк көрөн-харайан,
Өйдөтөн-такайан
Баччаҕа тиийэн кырыйдаҕым
Сири сиигирдэн сырыттаҕым.
Өссө мин өрө харбаһабын —
Алта нэһилиэккэ баппаппын.
Биэс улуустан күтүөттээхпин,
Сэттэ улуустан кийииттээхпин,
Уруулар, чугас хаан аймахтар,
Уон биэс улууска тарҕаммыттар.
Отут улуустан доҕордоохпун,
Ол иһин олус дьоллоохпун.
Бүтүн Саха сирин уолабын,
Онон бөҕөтүк сананабын.
Ыраах-ыраах да бардахпына,
Охтон-ойдон хааллахпына —
Адьас син биир төннөн кэлиэм,
Алта нэһилиэкпэр эргиллиэм:
Хоһоон буолан хоско ааһыам,
Кинигэ буолан киирэн саһыам.
Удьуорум ороон таһаарыаҕа-
Алҕыаҕа,ааппын ааттатыаҕа!
Онон таах сүтэн хаалбаппын —
Дойдубуттан арахпаппын!, — диэн С.Т. Руфов хоһоонун ааҕан баран Анастасия Васильевна салгыы бэйээт олоҕун туһунан кэпсээтэ.
Семен Руфов кыра сааһыттан кинигэ ааҕыытыгар ылларбыт, ордук нуучча кылаассыктарын —Пушкин, Лермонтов сахалыы тылбаастарын сөбүлээн аахпыт. 1954 с. Дьокуускайга культпросвет оскуола бибилэтиэкэ салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит. Хас да сыл тыа бибилэтиэкэтигэр сэбиэдиссэйдээбит. 1957-58 сс. «Эдэр коммунист» хаһыакка үлэлээбит.1963 с. А.М. Горькай аатынан литературнай институтун үөрэнэн бүтэрбит. 1991 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Айар үлэтэ, айымньылара 1955 сылтан саҕалаан бэчээттэммиттэр. Бастакы хоһооннорун кинигэтэ «Кэл, олор, кэпсэтиэх» күн сирин 1959 сыллаахха көрбүт. Оҕолорго аналлаах уонча кинигэлээх. Кини тылбаасчыт. Тылбаастаабыт кинигэтэ «Сулустаах халлаан» 1998 с. бэчээттэммит ( Уильям Шекспир, 154 сонет, Шота Руставели, «Витязь в тигровой шкуре» поэма, Абай Кунанбаев айымньылара, Константин Иванов » Нарспи» поэмата).
С.Т. Руфов Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Эрилик Эристиин, Иван Арбита, Казахстан «Алаш», Афанасий Илларионов, Иван Яковлев Чувашия ааттарынан бириэмийэ лауреата.
Саха норуодунай поэта Семен Титович Руфов кулун тутар 19 күнүгэр 2016 сыллаахха күн сириттэн барбыта.
Бибилэтиэкэр А.В. Трофимова «Мин алта нэһилиэк уолабын» диэн хоһоонугар ахтыбыт, үөрэммит нэһилиэгин оҕолоругар кэпсээн, билиһиннэрэн барбытыгар махтанабыт. Ити курдук алта нэһилиэгэр сылдьан поэт олоҕун, үлэтин билиһиннэриэ диэн баҕа санаалаахпыт.
Сергей ИСАКОВ, Н.Н. МИХАЙЛОВА, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу ооскуолата, Үөһээ Бүлүү.