Саха омук саамай чыпчаал айымньыбыт – олоҥхо, ол да иһин анал күннээх буоллаҕа. Онно түбэһиннэрэн, Ил Дархан анал өйөбүлүн биһиги улууспут баар-суох Ийэ олоҥхоһута Василий Иванович Ивановка — Чиллэ Баһылайга үөрүүлээх быһыыга туттардылар.
Чиллэ Баһылай 1950 сыллаахха Хорулаҕа төрөөбүтэ. Кини уопсайа бэйэтэ айбыт 9 олоҥхолоох, онтон үс олоҥхото “Саха боотурдара” сериянан кинигэ буолан бэчээттэммитэ.
Василий Иванович 72 хаарын ууллардар да, билигин да олоҥхолуур, идэтин сайыннара сылдьар кырдьаҕас, биһиги улууспутугар соҕотох хаалбыт Ийэ олоҥхоһуппут буолар. Кини олоҥхотун оҕо-ыччат ааҕан, араас таһымнаах күрэххэ кыттара – хайҕабыллаах, кэлэр кэнчээри ыччат олоҥхоҕо уһуйуллара кэскиллээх суол. Василий Иванов олоҥхолоро сүппэтин, ыччата куруук доргуччу ааҕан үйэтиттин.
Улуус киэн туттар киһитигэр, Ийэ олоҥхоһуппутугар, инники өссө да ситиһиилэри, айымньылаах үлэни, этэҥҥэ буол.
Дарина Николаева, 6-с кылаас.
Хаҥалас, Ньурба.