Михаил Ефимович Николаев — саҥа Россия историятыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин суверенитетын уонна судаарыстыбаннаһын олохтооччунан биллэр уонна билиниллэр. Бастакы Президент Саха Сирин сайдыытыгар: үөрэҕириигэ, доруобуйа харыстабылыгар, төрүт култуураҕа, суол-иис сайдыытыгар, айылҕа харыстабылыгар киллэрбит үтүөтэ олус элбэх. Биһиги көлүөнэ оҕолор Михаил Ефимович Николаев тэрийбит тосхоллорунан аныгы тутуулаах оскуолаларга үөрэнэн, араас хайысхалаах тэрээһиннэргэ кыттан, оҕо сааспыт чаҕылхай уонна сырдык.
Мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Нуклеус» үөрэнээччилэр научнай түмсүүлэригэр киирбитим. Манна араас хайысханан дьарыктанарбыт: научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыы, олимпиадаҕа бэлэмнэнии, кыраайы үөрэтэр экскурсияларга уонна журналистикаҕа холонуу. Оскуола иһигэр буолар араас тэрээһиннэр, бэлиэ күннэр, чинчийиилэрбит туһунан улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар сырдатарбыт.
2017 сыллаахха учууталбыт Вера Николаевна Заровняева «Бастакы Президентэн ыйыт» куонкуруска кыттарбар сүбэлээбитэ. Кыра эрдэхпиттэн аан дойду геополитикатын интэриэһиргиирим, сонуннары көтүппэккэ көрөрүм. Ол иһин Михаил Ефимович норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыны (международные отношения) хайдах көрөрүн, туох санаалааҕын билиэхпин баҕарбытым. Ыйытыгым Сербия Скупщинатын депутата Драгомир Кариһы кытта доҕордоһуутун уонна Донбасс, Крым боппуруостарын туһунан этэ. Ол саҕана Донбасска конфликт буолбута үһүс сыла этэ.
Ыйытыым 10 бастыҥ иһигэр киирэн, Дьокуускайга Бастакы Президени кытта көрсүһүүгэ ыҥырыллыбытым. Эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта көрсүһүү «Россия – Моя история» саҥа интерактивнай мусуойга буолбута. Онно Михаил Ефимовиһы олохпор иккиһин көрсүбүтүм.
Михаил Ефимович ыйытыыларбытыгар сиһилии хоруйдаабыта. Доҕордоһуу киһи олоҕор суолтатын, норуоттар сыһыаннара олус дириҥ ис хоһоонноохторун, уустуктарын ыйбыта.
Мин кинини бастаан «Туймаада» олимпиадаҕа кытта сылдьан көрсүбүтүм. Өктөмҥө Наукалар Дьоҕус академияларыгар (МАН) сылын аайы география уонна химия үөрэтэр-дьарыктыыр тэрээһиннэригэр үөрэнэр этим. Онно М.Е. Николаев Архыып-бибилэтиэкэтигэр сылдьан, олоҕун уонна үлэтин билсибитим.
Куонкурус түмүгүнэн кыайылаахтар Михаил Ефимович илиититтэн автобиографическай кинигэтин бэлэх туппуппут. Бу көрсүһүү – олохпор биир умнуллубат үтүө өйдөбүл буолар. Түгэнинэн туһанан, бу куонкуруһу тэрийбит оҕо сааһым аргыһа “Кэскил” хаһыакка истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Михаил Ефимовичка төрөөбүт кэрэ бэлиэ күнүнэн үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиини, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын, Сахабыт сиригэр өссө да элбэх үтүөнү, кэскиллээҕи оҥоруо диэн эрэнэбин.
Алексей Эверстов, Дьокуускай куорат 15 №-дээх оскуолатыгар география учуутала.
Редакцияттан: Алеша Эверстов Кэбээйи оскуолатын 2018 с. кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Ааспыт сайын ХИФУ ИЕН кыһыл дипломунан бүтэрэн, магистратураҕа кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ, быйыл учуутал быһыытынан үлэтин саҕалаата.
keskil14.ru