Доруобуйа — киһи олоҕор саамай күндү буолар. Киһиэхэ олох биирдэ бэриллэрин курдук, доруобуйабыт эмиэ биир. Онтон улахан дьон ыарыйдахтарына эрэ, доруобуйаларын туһунан саныыллар, эрдэттэн көрүммэттэр. Аныгы кэм оҕолоро доруобуйаларыгар хайдах сыһыаннаһалларын туһунан Кэбээйи орто оскуолатын 7 кылааһын уоланнара санааларын үллэстэллэр.
Влад Эверстов: — Доруобуйабытын харыстаан, чэгиэн, чөл буоларбыт туһугар тугу гыныахтаахпытый? Бэйэбитин көрүнэ, сууна-тараана сылдьыахтаахпыт, спордунан дьарыктаныахтаахпыт, битэмииннээх сахалыы астары, оҕуруот, фрукта астарын элбэҕи сии сатыахтаахпыт. Мин билэрбинэн, доруобуйабыт аһыыр аспытыттан олус тутулуктаах, аспытын көрөн, туһалааҕын талан сиэхтээхпит. Алаадьы, суорат, сүөгэй, үүт — доруобуйабытыгар туһалаахтар. Медиктэр этэллэринэн, хас биирдии киһи этин-хаанын чэбидигирдэ сылдьыахтаах. Илиитин элбэхтик суунуохтаах, чеснок сии сылдьыахтаах, сибиэһэй салгынынан тыыныахтаах уонна харыстанар ньымалары туһаныахтаах.
Альберт Харлампьев: — Доруобай буолуу сүрүн ирдэбиллэрэ: битэмииннээх оҕуруот аһа, спордунан дьарык уонна үөрэх, сайдыы буолар. Оҕуруот аһа, фрукта, айылҕа аһа ыарыыттан көмүскүүр, тоҕо диэтэргит С битэмиин элбэх. Спордунан дьарыктаннахха, күүстээх буолаҕын, сүүрэн-көтөн доруобуйаҥ бөҕөргүүр. Оттон үөрэх мэйии үлэтигэр көмөлөһөр, куруук толкуйдуу сылдьар буоллаххына, санааҕа ылларбаккын, ол ыарыыттан эмиэ куоттарар. Мин сөбүлүүр дьарыгым — сүүрүү уонна волейбол. Маҥнайгы кылаастан сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктанабын, күрэхтэргэ кыттабын. Сүүрүү — киһи тыҥатыгар туһалыыр. Волейболга тулуурдаах буола үөрэнэҕин уонна эккэр-хааҥҥар барытыгар туһалаах дии саныыбын. Спордунан дьарыктаныҥ, доруобай буолуҥ!
Степа Филиппов: — Хас биирдии киһи бу күн сиригэр доруобай буолан төрүүр. Салгыы кэлэр олоххор хайдах туруктаах буоларыҥ, тус бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Ол иһин ийэлэрбит, аҕаларбыт доруобуйаҕын эдэргиттэн харыстан диэн мээнэҕэ эппэттэр. Хас биирдиибит доруобуйатын көрүнэрэ кини эбээһинэһэ. Оҕолор, эдэр дьон иҥэмтиэлээх астары, битэмииннэри сии сылдьыахтарын наада. Иккиһинэн, күнү быһа суотабай төлөпүөҥҥэ олорбокко, сибиэһэй салгыҥҥа оонньуохха, спордунан дьарыктаныахха наада. Грипп ыарыыга хаптарбат туһугар, эрдэттэн эмп иһиэххэ наада. Ыарыйдаххына, тута балыыһаҕа көрдөрүөххэ наада. Мин эбээм этэринэн, доруобуйа төрдө — биһиги сиир аһылыкпыт. Сахалар төрүт аспытын, оҕуруот аһын, фруктаны элбэҕи сиэххэ наада. Маны таһынан күннээҕи режими тутуһуохха наада. Эрдэ утуйуохха, эрдэ турар эти-хааны чэбдигирдэр саамай үчүгэй.
Бэлэмнээтэ «Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.