2017 сыллаахха «Кэскил» оҕо хаһыатыгар “Задай вопрос Первому Президенту” диэн куонкурус биллэриллибитин туһунан иһитиннэриини аахпыппыт. Саамай үчүгэй, интэриэһинэй ыйытыылаах оҕолор Дьокуускай куоракка СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев 80 сааһын көрсө пресс-кэмпириэнсийэҕэ ыҥырыллаллар диэн этэ. Куонкурус туһунан истээт, биһиги, оскуола эдкорпуоһун оҕолоро, кыттыыны ыларга санаммыппыт. Ол күнтэн ыла ыйытыыларбытын толкуйдаабытынан барбыппыт, бары кыттыһан ыыппыппыт.
Биир күн дьүөгэм Дайаана уонна мин оҕо хаһыатыттан күһүҥҥү өрөбүл кэмигэр Михаил Ефимович Николаев үбүлүөйдээх сааһыгар аналлаах республикабыт эдэр корреспонденнарын түмэр көрсүһүүтүгэр ыҥырыыны туппуппут. Үөрэн-көтөн, өрөбүл буоларын долгуйа күүппүппүт.
Барар кэммит кэлэн, салайааччыбытын Антонина Ивановнаны кытта дойдубут киин куоратыгар айаннаабыппыт.
Көрсүһүү оччолорго саҥа аһыллыбыт, аныгылыы оҥоһуулаах “Россия—Моя история” историческай пааркаҕа буолбута. Онно тиийэн баран, испэр, олус долгуйбутум. Саала иһэ тобус-толору араас улуустартан сылдьар эдкор оҕолор этэ. Бары көрсүһүүнү долгуйа күүппүт көрүҥнээхтэрэ.
Сотору кэминэн Михаил Ефимович кэлбитэ. Биһиги Мэҥэ Хаҥалас эдкордарын кытта көрүдүөргэ утары көрсүбүппүт, кылгастык кэпсэппиппит. Кини биһигиттэн ханнык улуустан кэлбиппитин ыйыталаспыта. Онтон саалаҕа киириитигэр оҕолор бары туран, үөрүүнэн, ытыс тыаһынан көрсүбүппүт. Ыалдьыппыт олорон, биһиэхэ, оҕолорго, эдэр сааһын, сыралаах үлэтин, олоҕун суолун туһунан сиһилии олус интэриэһинэйдик кэпсээбитэ. Оҕолор бары сэргээн, болҕойон олорон истибиппит.
Ол кэнниттэн көрсүһүүгэ кэлбит сүрүн сыалбытын-сорукпутун толорорго туруммуппут: бастакы Президеҥҥэ уочаратынан, биир-биир бары ыйытыкпытын биэрбиппит. Мин ыйытыым: “Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саха суруйааччыларыттан ордук ханнык айымньылары сөбүлээн ааҕар этигиний?» диэн этэ. Онуоха кини хас биирдии саха киһитэ Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романын уонна Н.Г. Золотарев-Николай Якутскай “Төлкө” айымньыларын ааҕыахтааҕын эппитэ уонна бу айымньылары оҕо сылдьан, кэлин даҕаны, иллэҥ буоллаҕына, хаста да хатылаан аахпытын туһунан кэпсээбитэ. Ыйытыыбар хоруй ыламмын олус үөрэн, хайдах эрэ, биир улахан баҕа санаам туолбутун курдук санаммытым.
Онтон бүтэһиккэ Михаил Ефимович «Восхождение. Ступени мужества» диэн кинигэни бэлэх ууммута. Бу кинигэҕэ кини Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенин дуоһунаһыгар тиийбит уһун суолун, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар, инники олоҕор күүстээх сабыдыалы уонна үлэни ыыппытын туһунан суруллубут. Кинигэ ааптара Олег Гаврильевич Сидоров. Күндү бэлэхпитин илиибитигэр тутан, бары хаартыскаҕа түспүппүт уонна аны автограф ыларга дьулуспуппут. Кинигэҕэ автограф туруортараары гыммыппытын: “Ааптарга суруйтарыҥ, кинигэни суруйбут киһиэхэ”, диэбитэ. Онон Михаил Ефимович блокнокка, сертификаппытыгар суруйбута.
Күн бүгүҥҥэ диэри Ытык киһини, Михаил Ефимович Николаевы көрсүбүт умнуллубат күммүн бу баардыы саныыбын. Бу көрсүһүүм бэлиэтин кини аттыгар оҕолору кытта кэпсэтэ туран түспүт хаартыскабытын көстөр сиргэ ыйаан турабын, оттон бэлэхпин ааҕаммын, кинигэм ыскаабыгар ууран турабын. Өссө да хос ааҕыам дии саныыбын.
Бу олус истиҥ көрсүһүүнү, оҕо сааһым биир умнуллубат түгэнин, “Кэскил” хаһыат бэлэхтээбит эбит диэн өйдүүбүн.
Уруйдаана Афанасьева, XI кылаас, “Эрчим” эдкорпост, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.