В. Н. Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатын иһинэн «Эрэл» пресс-киин ситиһиилээхтик үлэлиир.
2002 сыллаахха аан маҥнайгы «Эрэл» оскуолатааҕы хаһыат, Анастасия Гаврильевна Сорокоумова сүүрээнинэн, күн сирин көрбүтэ. 2007 сыллаахха пресс-киин төрүттэммитэ. Бастакы салайааччынан РФ Президенин Гранын хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара, Агафия Алексеевна Дохунаева буолар. Кини оҕолору оскуола сонуннарын сырдатыыга, интэриэһинэй матырыйааллары толкуйдуурга, оҥорорго уһуйбута. Элбэх эдэр кэрэспэдьиэн кини «оскуолатын» ааспыта. Саҕалаабыт үлэтин, суолун салгыыбыт, тупсарарга кыһаллабыт.
2014 сылтан нуучча тылын уонна литературатын учуутала Дария Петровна Левина салайар. 2016-21 сылларга эрэдээктэрбит, билигин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кэрэспэдьиэнэ, атаспыт, доҕорбут Эльдар Садовников этэ. Хаһыат дьон-сэргэ болҕомтотун тардарын, үөрэнээччи учууталы кытта үлэтэ ситимнэһэрин туһугар үлэ барбыта. Сахалыы ыстатыйалар элбээбиттэрэ. Улуустааҕы тэрээһиннэр хаһыат сирэйдэригэр тиһиллибиттэрэ, оҕолор ыстатыйалара «Хотугу Кыым» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ.
Хаһыат таһынан, 2017 сыллаахтан «Саһарҕа» телестудия үлэлиир. Бастакы ыытааччыларынан Влада Реброва, Коля Сидоров, билигин устудьуоннар, буолаллар. Күн бүгүнүгэр — мин уонна Давид Зырянов, VIII кылаас үөрэнээччитэ буолабыт.
Улуустааҕы икки эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин ыыппыппыт: 2018, 2022 сылларга. Уонна 2017, 2021 сылларга Белай Гора бөһүөлэгэр кыттыыны ылбыппыт.
Хас биирдиибит дьоҕурдаах. Хаһыат, пресс-киин үлэтэ тупсарын туһугар кылааппытын киллэрсэбит.
Валерия Стручкова, 10 кылаас,
Муҥурдаах, Абый