Алтынньы 20-23 күннэригэр Чита куоракка буолбут «Будущее России. Дальневосточные таланты» диэн остуол тенниһын региональнай турнирыгар Үөһээ Бүлүү кыргыттара кыайыы өрөгөйүн ситистилэр!
Ол курдук, Диана Пахомова (Тамалакаан) — 1 миэстэ, Эмилия Аввакумова (Нам) — 2 миэстэни ыллылар! Тренердэрэ — Владимир Федорович Федотов, Тамалакаан спортивнай оскуолатын учуутала.
Тренердэрэ кэпсиир: «Кыргыттар Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ буолаллар. Санатан эттэххэ, Диана «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы күрэҕэр, финалга, Бурятия маастарыгар Виктория Сулаеваҕа хотторон турардаах. Бу сырыыга кинини кыайан, 4 миэстэҕэ тэптэ. Эмилия сайын устата дьарыктанан, күрэххэ бэлэмнэнэн, күҥҥэ иккилии эрчиллиини оҥорон, иккис миэстэни эрэллээхтик ылла».
Кэпсэттэ Эльдар Садовников