«Эрилик Эристиин «Хачыгыр» кэпсээнин оҕолорго аахтаран баран санааларын истиэххэ баара, ол буолуо саамай…», — диэн биир командировкаҕа айанныыр кэммитигэр кэпсэппиттээхпит.
Ити — Чурапчылыыр суолга этэ. Биһиэхэ эрэ буолуо дуо, Россияҕа биллэр атомщик учуонайы, биир дойдулаахпыт, экологическай духуобунас диэн өйдөбүлү сахпыт, таһаарбыт, «Кут-Дабаан» үөрэҕин ааптара Иоган Егорович Максимовы уонна дьиэ кэргэн сүбэһитэ, учуутал-суруналыыс Любовь Семёновна Аргунованы кытта кэпсэтиибитигэр саҕыллыбыт санаа.
Оҕоҕо аһыныы иэйиитэ, амарах санаата баар дуо? Ийэтин, аҕатын аһынар дуо? Хайдах аһынарый? Бииртэн-биир санаа ситимнэнэн сыыйыллар.
Биһиги, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата VI-c кылаастарбытын кытта алтыһан, Эрилик Эристиин ааҕааччыга дууһа туругун биэрэр биир бастыҥ айымньытын «Хачыгыры» аахтыбыт, үтүө доҕотторбут хорсун санааларын видеоҕа устан үйэтиттибит.
Оҕолорго айымньыны Саха тыйаатырын эдэр, кэскиллээх артыыһа Айсен Лугинов, этиибитин быһа гыммакка, барытын өйдөөн туран, кэлэн аахта, айымньы ис хоһоонун тириэртэ.
Бу бырайыак «Кэскил» норуот педагогикатын лабораториятын иһинэн (онно кииннэнэн) ыытыллар буолуоҕа уонна «Сүдү суолталааҕы кэпсэтии» (“Кэскил” бырайыага) тула баар буолуоҕа. Социальнай ситиммитигэр, «Учуутал аргыһа» страницабытыгар (ВКонтакте) уруок быһыытынан киириэ.
Бу бырайыагы аан бастакынан өйөөбүт биһиги биир идэлээхпит, оҕо ааҕар эйгэтин кэҥэтиигэ дириҥ хорутуулахтык үлэлиир Дьокуускай куорат 17-с №-дээх орто оскуолатын педагог-бибилэтиэкэрэ Полина Алексеевна Сивцева буолар.
Күндү учуутал, бу бүгүҥҥү кэпсэтиибитин (атын көрүҥнээх) биһирээбит буоллаххына, бэйэҥ эйгэҕэр тардан ылан, бу курдук тэриниэххин сөп. Оннук буолбаат?!
Татьяна ЖИРКОВА, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын
сүрүн редактора.