Ийэ сылыгар уонна Ийэ күнүн көрсө биллэриллибит «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэх үһүс кыттааччылара Уус-Алдан Хоноҕор бөһүөлэгиттэн 7 саастаах Миша уонна Алена Михайловна Стрекаловскайдар.
Ыал ийэтэ Алена Михайловна: «Мин уолбун Мишаны кытта астыырбытын олус сөбүлүүбүт. Миша кыра эрдэҕиттэн ас астыы турдахпына кэлэн, куруук көмөлөһө сатыыр уонна астыы үөрэнэр. Бэйэтэ «Кекс в кружке», суши уо.д.а. астары астаан күндүлүүр», — диэн кэпсиир.
Бүгүн уоллаах ийэ сакалааттаах бэчиэнньэ уонна банааннаах, үүттээх утах оҥорон көрдөрүөхтэрэ.
«Сакалааттаах бэчиэнньэ»
Биһиэхэ наада: 120 г — ынах арыыта (82%), 100 г — саахар, 1 сымыыт, 6 г —разрыхлитель (1 ч. л.), 145 г — бурдук, 100 г — сакалаат.
1. Духовкабытын 180 кыраадыска дылы сылыта туруорабыт.
2. Арыыны, саахары, сымыыты бииргэ холбуубут уонна 2 мүн. булкуйабыт.
3. Бурдугу уонна разрыхлители холбуубут уонна арыылаах маассаҕа эбэбит.
4. Сакалааппытын эбэбит уонна булкуйабыт.
5. Тиэстэбититтэн төгүрүктэри оҥоробут уонна үрдүлэригэр сакалаат уурабыт.
6. 15 мүн. духовкаҕа буһарабыт, онтон сойутабыт.
«Банааннаах утах»
Биһиэхэ наада: 2 банаан, 1 стакан үүт.
Банааны уонна үүтү иһиккэ холбуубут уонна блендерынан эрийтэрэбит. Ыстакааканнарга кутабыт уонна сакалаатынан киэргэтэбит.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ:
keskil14.ru