Кэбээйи улууһун Танара оскуолатын социальнай педагога Евдокия Александровна Местникова оҕону иитии төрүт угэстэрин, эдэр учууталлары идэ суолугар киллэриигэ утумнааһын уонна бу сийиэстэн ылбыт билиитин туһунан санааларын билсиҥ.
— Оҕону иитиигэ урут- уруккуттан төрүт үгэспит, этнопедагогика суолтата улахан этэ. Төрүт үгэспитин өрө тутарбыт билигин өссө сытыырхайда дии саныыбын. Оҕо дойдутугар чугас, күүстээх санаалаах, үгүс сатабыллаах буола улаатыахтаах.Ол иһин төрөппүт оҕотун иитиитин судаарыстыбаҕа сэлээннээбэккэ,оскуолаҕа сыҕайбакка, бэйэ, эбээ, эһээ холобурунан иитэр ньыманы тобулуохтаах. Ол туһунан бу сийиэс чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөппүт форумугар кэпсэтиигэ этилиннэ.
Көлүөнэ көлүөнэни солбуйсуута — олох ирдэбилэ. Танара орто оскуолата — Кэбээйи улууһугар биир кырдьаҕас оскуола. Үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэри үөрэппит,олохторугар олук уурбут үөрэх кыһата буолар. Саха сирин араас муннуктарыттан учууталлар кэлэн үлэлээн ааспыттара, үлэлии да сылдьаллар. Эдэр учуутал кэллэҕинэ, биһиги киэн туттар, наставник буолар учууталлардаахпыт. Мин бэйэм үлэлии кэлбиппэр миэхэ үөрэппит учууталым Анна Дорофеевна Иванова, кылаас салайааччылыырбар Варвара Алексеевна Афанасьева сүбэлэрэ олус туһалаабыта, көмөлөспүтэ.
Пед общественность сийиэһигэр олус суолталаах санаа-оноо этилиннэ. Олус киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох араас тэрээһиннэр буоллулар. Үлэбэр туһанар гына элбэҕи биллим, көрдүм.