Амма 1 №-дээх орто оскуолата Азия-Чуумпу акыйаан дойдуларын үөрэхтээһиҥҥэ бииргэ үлэлээһин уопсастыбатыгар киирэр.
Онон учууталлар А.В.Никулина, У.А.Путренко бу хайысханан үөрэнээччилэрин араас бырайыактарга кытыннараллар. VIII кылаас үөрэнээччитэ Айза Игнатьева санаатын үллэстэр:
— Биһиги быйылгы үөрэх дьылыгар Соҕуруу Корея Сонгванг куорат оскуолатын математика учууталын Джингу Ли бырайыагар кыттан, интернет ситимин нөҥүө кэриэй оҕолорун кытта көрүстүбүт. Биһигини уонна кэриэй оҕолорун Джингу Ли үс бөлөххө араарбыта. Бөлөхтөргө сөбүлүүр кыылларбыт аатын биэрбиппит — «Dogs», «Cats», «Rabbits». Хас биирдии бөлөх бэйэ-бэйэбитин кытта ангылычаан тылынан билсиибитин саҕалаабыппыт. Наһаа интэриэһинэй этэ. Бары астыммыппыт аҕай. Аныгыс сырыыга «Ыйытык-эппиэт» диэн ааттаах дьарыкка бэлэмнэниибитин саҕалыахпыт. Мин бу бырайыагы олус сөбүлээтим. Инникитин даҕаны учууталларбыт сибээһи өссө кэҥэтэн, үүнэр көлүөнэни кэрэҕэ угуйалларын салгыы ыытыахтара диэн эрэнэбит.