Дьокуускай – биһиги дьоллоохтук олорор, үөрэнэр куораппыт. Тыйыс тымныылаах, куйаас сайыннаах Сахабыт сирин килбэйэр киинэ буолар. Куораппытын ийэлии истиҥник саныыбыт. Кэрэ-бэлиэ сирдэрин сөбүлээн көрөбүт. Тапталлаах куораппыт барахсан, 390 сааскынан эҕэрдэлиибит! «Чуораанчык» сурунаал доҕотторун эҕэрдэлэрин сэргээн ааҕыаххайыҥ!
Альбина Левина, 1 “в” кылаас, 17 №-дээх оскуола:
— Дьокуускай куоратым, төрөөбүт күҥҥүнэн! Күн аайы тупса, сайда тур. Элбэх, элбэх үөрэнээччилээх, эн тускар кыһаллар дьонноох буол!
Айсен Ламаев, 1 “а” кылаас, 17 №-дээх оскуола:
— Төрөөбүт күҥҥүнэн, мин куоратым Дьокуускай! Кэҥии, тупса тур! Мин улааттахпына, куораппар туһалаах киһи буолуом.
Сахамин Иванов, 1 “в” кылаас, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия:
-Дьокуускай куорат төрөөбүт күҥҥүнэн! Куораппыт ыраас, сайдыылаах буоллун! Куорат олохтоохторо бары үөрэ-көтө сырыттыннар.
Юлия Аргунова, 1 кылаас, 6 №-дээх оскуола:
— Мин ДСК оройуонугар олоробун. Оскуолам саҥа, наһаа үчүгэй. Куоратым төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибин. Элбэх саҥа оскуолалаах буоллун.
Таяна Черкашина, 1 “А” кылаас, Саха политехническай лицей:
— Мин куораппын наһаа таптыыбын. Оскуолам таһыгар Сайсаар күөлэ баар эбит. Ону олус сөбүлүү көрдүм. Куоратым инник кэрэ сирдэрдээх буоллун! Төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Нюргуяна Захарова