Бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ «Түгэхтээх» диэн алааска өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо ыһыаҕа аһыллыыта буолла. Ытык кырдьаҕас Кирилл Никифоров ыһыах ыытылларыгар мэктиэ тылын эттэ.
Ыһыах аһыллыан иннинэ үтүө-мааны ыалдьыттары – СӨ Ил Дарханын Айсен Николаевы, Олоҥхо ыһыаҕын уон сылын бэлэмнээн ыытыыга СӨ Национальнай тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Александр Жиркову , Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын Владимир Поскачины тыл этэргэ сиэр-туом киинигэр ыҥырдылар.
Айсен Николаев Олоҥхо Ыһыаҕа арыллыбытынан эҕэрдэлээтэ: «Бүтэй Бүлүү кытылыгар, дойдубар кэлэн туран, Олоҥхо Ыһыаҕа арыллыбытынан эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ. Саха дьоно дьоллоох дьоммут, бэйэбит оһуокайдаах, уустардаах, түҥ былыргы үгэстэрдээх, сиэрдээх-туомнаах, ону ситимнээбит олоҥхолоох буолан, дойдуга биллэр норуот буолабыт. Олоҥхобутугар сүгүрүйэбит. Ханныктаах да ыарахан кэмҥэ харыстаан, харааннаан илдьэ кэлбит үгэстэрдээх, итэҕэллээх буолан, биһиги ис күүстээхпит. Мин кыра эрдэхпиттэн өйдүүбүн, олоҥхоһут эһэбин кытта элбэх ыһыахха сылдьан, биһиги үгэстэрбитинэн ураты омук буоларбытын өйдөөбүтүм. Олоҥхобут тилиннэ, аан дойдуга билиннэ, уустарбыт сайыннылар. Ол эрээри күн-дьыл тэтимнээхтик баран иһэр, биһиги култуурабытын, үгэстэрбитин аан дойдуга таһаарыахпытын наада. Ол иһин бу сарсыарда анал ыйаахха илии баттаатым. Олоҥхо дьиэлэрин биир ситим оҥорон, сылга 50 мөлүйүөн солкуобайтан итэҕэһэ суох үбү көрөн, 7 олоҥхоһукка, 7 оһуохайдьыкка, 7 ууска анал грант, истипиэндьийэ — ыйга 30 тыһыынчалыы солкуобай ананарын туһунан иһитиннэрэбин. Сыллар ааһыахтара, ол эрээри саха оһуохайа иһиллиэ, олоҥхото эйээриэ, оҥоһуктара тарҕаныахтара, тоҕо диэтэр, биһиги тулуурдаахпыт, инникигэ барар дьулуурдаахпыт!»
Алгысчыт битииһиттэри кытта уот оттон бар дьонун алҕаата. Онтон «Хотун Бүлүү туонатыгар — Олоҥхо Ыһыаҕа» диэн театрализованнай көрдөрүү саҕаламмыта. Аан Алахчын Хотун, сир симэх оҕолоро, оторой-моторой уолаттар, Хотун Бүлүү өрүс буолбут Далбар Хотун үҥкүүһүт кыыс аргыстардаах бэртээхэй көрдөрүүнү киэргэттилэр. Олоҥхоҕо хоһуллар тоҕус Айыы бухатыырдара Эйэ чороонун өрө көтөхтүлэр.
Көрдөрүүгэ Олоҥхо матыыбыгар кэпсэнэрин курдук, айыы дьоно орто туруу бараан дойдуга айыллан кэлэллэр, абааһы аймах олохторун айгырыыр, айыы бухатыыра төрөөн-үөскээн айыы дьонун көмүскүүргэ турунар.
Салгыы П.А. Ойуунускай аатынан саха тыйаатырыны артыыстара саха омук киэн туттар дьоннорун Максим Аммосов, Степан Аржаков, Степан Васильев, Алексей Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй, Иван Винокуров, Анемподист Софронов — Алампа, Платон Ойуунускай уобарастарын көрдөрөн, ытык дьоммут суруйан хаалларбыт кэскиллээх этиилэри иһитиннэрдилэр. Бу кэннэ аныгы олох сахалара киирдилэр.
«Встреча шедевров Юнеско на земле Олонхо» кыттыылаахтара саха таптыыр саламатыгар баҕа санааларын эттилэр. Түмүгэр дьон-сэргэ тоҥолохтон тутуһан оһуокай тэптилэр.
Бэлэмнээтилэр Эльдар САДОВНИКОВ, Кристина ИВАНОВА.
keskil14.ru