Эһээм Петр Иванович Ефимов 1930 сыл алтынньы ыйга Кэлтэгэй диэн Буотама үрэх төрдүгэр төрөөбүт. Спорт бэтэрээнэ, оҕо эрдэҕиттэн хайыһардьыт бэрдэ. Эдэр сылдьан оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтэ чөмпүйүөн буолбут. Аармыйаҕа хайыһардьыттар роталарыгар сулууспалаабыт. Куруук кыайыылаах тахсар буолан, дьон кинини “Күүстээх Бүөтүр” диэн киэн тутта ааттыыллара. 50 сыл Хачыкааттааҕы сопхуоска суоппарынан үлэлээбитэ. Эбээбинээн Вера Михайловналыын сэттэ оҕону атахтарыгар туруорбуттара.
***
Оҕолорун спорка сыһыаран хайыһар, хаҥкы ылбытын туһунан дьонум наар кэпсииллэр. Бэйэтин хайыһара, хайыһарын бачыыҥката билигин да ампаарыгар тураллар, эһэбитин санаталлар.
Эһэбит саквояж суумкатын айаҥҥа наар илдьэ сылдьара. Дьокуускайга балтытыгар саквояж муҥунан сымыыт кэһиилээх кэлэрэ. Уонна: «Бу сакыбыйааска оруобуна 100 сымыыт батар», — дии-дии хас биирдии сымыыты хаһыакка суулуур эбит.
1953 сыллаахха Норильскай куораттан фанераттан оҥоһуллубут икки чымадаан кэһиилээх кэлбит. Бу чымадааннар күн бүгүнүгэр диэри Саҥа дьыллааҕы харыйабыт оонньуурдарын харайар хаппахчы буолан туһалыы сылдьаллар.
1956 сыллаахха эһээ Бүөтүр дьонун кытта төрөөбүт дойдутуттан Буотаматтан Хачыкаакка көһөн киирэллэр. Эһэтин сайыҥҥы ампаар дьиэтин көтүрэн, атынан тиэйэн аҕалан тиэргэнигэр туруорар. Бу 100 саастаах ампаар билигин да баар.
«Сүрэх кириэһи мин хос эбэбэр аҕабыыт ааттанарыгар биэрбит буолуохтаах», ― диэн эһэм кэпсиир этэ. Олус харыстаан уура сылдьара. Оҕолоругар, сиэннэригэр бэриллэн иһиэн баҕарара.
Хос-хос эһэбит Петр Михайлович Ефимов Буотама уустарыттан сыдьааннаах. Бэйэтэ тимир уонна көмүс ууһа эбит. Бу уруһуйга бэйэтэ оҥорбут уһанар маллара көстөллөр. Маны барытын эһээ Бүөтүр харыстаан тутта, уура сылдьыбыта.
***
Эдьиийбит Елена Петровна Ефимова аҕатыгар анаан «Күүстээх Бүөтүр» диэн чэйи оҥорон таһаарбыта. Эһээбит чэйи олус сөбүлүүр эбит.
Оҕолоор, өбүгэлэргит малларын харыстааҥ, сыаналааҥ, хаһан да умнумаҥ! Кинилэр баай историялара эһиэхэ күн сардаҥатын курдук ыраас санаалары саната турдуннар!
Худуоһунньук Алина Емельянова
Марк Ефимов, VIII кылаас, 35 №-дээх оскуола, Дьокуускай.
Салайааччы К.Н. Наумова, эбии үөрэхтээһин, «Юный художник» куруһуок педагога,
Саха өрөспүүбүлүкэтин саҥа технологияларын института, Дьокуускай.
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Надежда Сидорова, Сардаана Матвеева.