Арктическай Индигирка үөһээ баһыгар сүүрүгүрэр Сытыган-Сылба диэн дьүүктэ оннооҕор кыһын ортотугар, тымныы 50 кыраадыстан намыһах да буоллаҕына, уутун температурата 25-28 кыраадыс итии буолар.
Бу уу эмтээҕин, ревматизмы, экземаны эмтиирин олохтоох дьон өрдөөҕүттэн билэллэр. Элбэх дьон онно эмтэнэн үтүөрбүттэрэ. Лабораторнай анализ көрдөрбүтүнэн, дьүүктэ уута сүрэх боруогун эмтииргэ да туһалаах буолуон сөп.Оттон Өлүөнэ өрүс уҥа салаатын, Өлүөхүмэ өрүс хочотугар бүтүн килэмиэтир устатыгар тыгар итии дьүүктэлэргэ бөдөҥ санаторийы аһыахха сөп.
Саха сирэ эмтээх уу саппааһынан дойду хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр баһылыыр миэстэни ылар.Кини киин, үчүгэйдик олохсуйуллубут оройуоннарыгар эмтиир дьоҕурдаах сүүстэн тахса күөлү, үрүйэни, дьүүктэни уонна тоҥмот сыккыһы булуталаабыттара.
Ф.П. Ефимов Дьиктилэр. Дьиибэлэр. Дьээбэлэр. – Дьокуускай, 1981.
Анюта Андреева-Күндүүнэ бэлэмнээтэ.