Улахан Аан нэһилиэгэ сыл ахсын тупса-сайда турар. Былырыын саҥа оҕо саада уонна балыыһа үлэҕэ киирбитэ. Дэриэбинэбит иһигэр асфальт суолламмыппыт. Саҥа «Чэчир» диэн микрорайон баар. Айылҕата ураты уонна кэрэ буолан, элбэх турист сынньана кэлэр. Ордук Еланкаҕа, Кыччыгый Ааҥҥа сөбүлээн сынньаналлар. Биһиэхэ Таҥара уола кылыйбыт сирэ диэн кэрэ сир баар. Айыы Уолун музейыгар сылдьыаххытын сөп. Бөртө сылгы собуотун сибиэһэй бородууксуйата атыыланар. Нэһилиэккэ киирээти кытта экопарк баар. Тайахтар, сылгылар пааматынньыктара баар.
Биһиги улаатан да баран, дойдубутун ахта-саныы, мэлдьи кэлэ туруохпут.
М.Е.Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын медиакиинэ: Дархан Тихонов, Стас Громов, 7 кылаас үөрэнээччилэрин видеоролига, Васильев Айтал, 9 кылаас, Федоров Спартак, 8 кылаас үөрэнээччилэрин оҥорбут рекламнай брошюралара.