Биһиги 5 кылааска үөрэнэбит. Кылааспытыгар 9 оҕо үөрэнэр. Учууталбыт Наталья Борисовна Баннова, кини нуучча тылын уонна литературатын учуутала.
Алын сүһүѳх кылаастан орто сүһүөххэ тахсыбыппытыгар учууталларбыт хас предмет аайы уларыйа тураллар эбит. Аны эбиэттэн киэһэ, элбэх уруогу таһынан, эбии дьарыктар буолаллар. Онно эмиэ араас педагогтар үөрэтэллэр. Араас дьарыгы көтүппэппит.
Эдэр учуутал Артем Робертович Нестеров ыытар дьарыгын бары кылааһынан сѳбүлээтибит. Араас хамсаныылаах оонньуулары ыытар. Оскуола спорт саалатыгар уонна сылаас кэмҥэ таһырдьа тахсан оонньуубут. Сүүрүүлээх-кѳтүүлээх оонньуулар диэн наһаа элбэх уонна араас эбиттэр. Биһиги «Былаах былдьаһыыта» диэн оонньууну сөбүлээтибит. Таня Луковцева, Арылхан Марков саамай түргэнник сүүрэр оҕолор. Арылхан Марков быйыл наһаа түргэнник сүүрэр буолбут.
Өссө робототехника куруһуогар сылдьабыт. Учууталбыт Владимир Владимирович Лопатин. Биһиги оскуолабыт робототехникаҕа элбэх ситиһиилэрдээх. Араас күрэхтэһиилэргэ кыттан миэстэлэһэллэр. Онтон учуутал Прокопий Никитич Быгынанов ыытар дьарыга «Промышленный дизайн» диэн. Биһиэхэ саҥа уонна олус интэриэһинэй дьарык буолла. Учууталбыт ааҕан-суоттаан, ойуулаан-мандардаан ону-маны оҥорорго, уһанарга үөрэтэр. Өссө да элбэх араас туһалаах дьарыктар бааллар эбит.
Биһиги оскуолабытыгар күннэтэ араас билиини ыла кэлэбит. Дьиэҕэ олорон баран үөрэнэ кэллэхпитинэ, оскуолабытын ахтан аҕай кэлэбит.
Игидэй орто оскуолатын 5 кылааһын кэлэктиибэ.