Толоон сэлиэнньэтигэр оскуола тутуутун бэлэмэ 90 %-ҥа тэҥ, балаҕан ыйын бүтүүтэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу туһунан Ленскэй оройуонун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Тутааччылар 50 миэстэлээх, спортивнай саалалаах, 15 миэстэлээх уһуйааннаах, 15 миэстэлээх интэрнээттээх тутууну бүтэрдилэр. Тас көстүүтэ кыһыллыҥы-сиэрэй дьүһүннээх, иһинээҕи истиэнэтэ саха оһуорунан уонна уруһуйунан киэргэтиллибит.
Эбийиэк түннүктэрин, ааннарын туруордулар, ититии, уу, канализация систиэмэтин киллэрдилэр, уотунан хааччыйдылар, кэбиниэттэри уонна көрүдүөрдэри оҥордулар, сантехника тэрилин туруордулар.
Ону тэҥэ, күрүөтүн оҥордулар, аттыгар икки баһаарынай уу кутар улахан иһиттэри туруордулар. Билигин биригээдэ ис үлэтин уонна тэлгэһэни тупсарыыны түмүктээн эрэр.
Оскуола тутуута 2018 сыл сааһыгар саҕаламмыта, хантыраак 292 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр. Билиҥҥи туругунан, Толоон нэһилиэгин оскуолата биир этээстээх эргэ мас дьиэҕэ үлэлии олорор. Онно 50 оҕо үөрэнэр уонна 20-тэн тахса педагог үлэлиир.