Павел Николаевич Харитонов-Ойуку — саха народнай суруйааччыта, бэйиэтэ, литературнай кириитигэ, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата (2008 с.), П.А. Ойуунускай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата (2012 с.), «Гражданскай килбиэн» бэлиэтин кавалера, «Барҕарыы» фондун стипендията.
- Тэрийээччилэр: «Кэскил» оҕо хаһыата, Г.В. Ксенофонтов аатынан Хаҥалас улууһун краеведческай музейа (түмэлэ), И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Кирикова Ангелина.
- Кыттааччылар: 6-11 кылаас үөрэнээччилэрэ
- Ыытыллар болдьоҕо: ыам ыйын 11 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри
- Сайаапкалары (үөрэнээччи аата, араспаанньата, улууһа, нэһилиэгэ, оскуолата, кылааһа) angelkirikova04@gmail.com электроннай почтаҕа ыытаргытын күүтэбит.
- Билсэр төлөпүөҥҥүт: 89142991710 (Сардана Алексеевна Кириллина)
- Биктэриинэ түмүгүнэн кыайыылаахтар дипломнарынан, бириистэринэн, туоһу суругунан наҕараадаланаллар.
- Түмүк бэс ыйын 22 күнүгэр хаһыакка бэчээттэниэҕэ.
- Суруйааччы төрөөбүт дойдута
- Харитоновтар аймахтан хас ини-бии уолаттар Ийэ дойдуларын көмүскүү фроҥҥа барбыттарай? Хас уол төннөн кэлбитэй?
- Ханна, хас сыллаахха Байбал оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэй?
- Оҕо сылдьан кимнээх умсугутуулаах кэпсээннэрин кэрэхсээн истибитэ кэлин суруйааччы буоларыгар сабыдыаллаабытай?
- Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан туохха дьоҕурдаах этэй?
- Бу киһи ааҕар-суруйар буолбут Байбалы утары олордон эрэ элбэх былыргы үһүйээннэри, номохтору, кэпсээннэри кумааҕыга суруйтаран ылбыта. Кини кимий?
- Оскуоланы хаһан, ханна бүтэрбитэй?
- Кинилэр кылаастара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыҥырыы таһаарбыттара. Ыҥырыы-бачыым ол кэмҥэ дойду үрдүнэн ыччат патриотическай хамсааһына буолан киэҥник тарҕаммыта. Ыҥырыы-бачыым аата.
- Ол бачыымы өрө тутан оскуола кэнниттэн Байбал ханна үлэлээбитэй?
- Ханнык үөрэҕи бүтэрбитэй?
- Ханнык оскуолаҕа, ханнык биридимиэттэри оҕолорго үөрэппитэй?
- Бастакы хоһоонноро ханна бэчээттэммиттэрэй?
- Г.В. Ксенофонтов аатынан Хаҥалас улууһун музейын (түмэлин) хас сыллардаахха салайан үлэлэттэ?
- 2015 с-ха музейнай дьыалаҕа өр сыллаах үлэтэ туох бэлиэнэн биһирэммитэй?
- Бастакы кинигэтин аата, хас сыллаахха күн сирин көрбүтэй?
- Автор ханнык хоһооно ырыа буолан Өрөспүүбүлүкэ президенин гранынан биһирэммитэй? Ол ырыа мелодиятын ким айбытай?
- Автор өссө ханнык хоһоонноро ырыа буолбуттарай?
- Литература ханнык жанрдарыгар үлэлиирий?
- П.Н. Харитонов улуус түмэлигэр үлэлиир кэмнэригэр ордук ханнык үлэнэн дьаныардаахтык ылсан үлэлээбитэй?
- Суруйааччы быһыытынан саамай сүрүн үлэтинэн ханнык айымьыта буоларый?
- Иркутскай-якутскай трагы (1730-1770 сс-ха) бастаан кимнээх тутан олорбуттарай?
- «Хоболоох суол» ромаҥҥа саха норуотун чулуу, биллэр-көстөр дьонун үлэлэрэ-хамнастара, кырдьык иһин охсуһуулара көстөр. Ол кимнээҕий?
- Суруйааччы ханнык сэһэнэ автобиографическай айымньынан буоларый?
- Автор саха норуотун бастакы президенэ М.Е. Николаевы кытары көрсүһүүлэриттэн, кэпсэтиилэриттэн тахсыбыт кинигэтин аата
- Суруйааччы ханнык айымньыта нууччалыы тылбаастаммытай?
- Хаһан П.Н.Харитоновка саха народнай суруйааччыта аат идҥэриллибитэй?
- Хас оҕолооҕуй?
- Оҕолоруттан, сиэннэриттэн өрөспүүбүлүкэҕэ кимнээх биллэллэрий?(
- Павел Николаевич иллэҥ кэмигэр сөбүлүүр дьарыктара