Бүлүү бөлөх улуустар эдкорпостара олус түмсүүлээхтэрин, бэйэ-бэйэлэрин бэркэ билэллэрин, сибээстэһэллэрин биһиги үөрэ бэлиэтиибит. Бу түөлбэҕэ икки сылга биирдэ көһө сылдьар кубоктаах улахан сүлүөт ыытыллар үтүө үгэс баар. Бүтэһик оннук сүлүөт кыайыылааҕынан Г.И. Чиряев аатынан Бүлүү 1 №-дээх оскуолатын үрдүк категориялаах педагог – бибилэтиэкэрэ Марианна Константиновна Ионова салайар “Ориентир” пресс–киинэ буолбута.
«Кэскиллиин» ситимнэһэн сайдабыт
Билиҥҥи сайдыылаах олоххо хаһыат суолтата сүҥкэн улахан. Оскуолабытыгар көрдөрөр, иһитиннэрэр, сырдатар сыаллаах “Ориентир” пресс – киин үлэлиир. Манна 7- 11 кылаас оҕолоро дьарыктаналлар. Хаһыакка оскуола историята тиһиллэн, мунньуллан иһэр. Үөрэнээччилэр үөрэх таһынан дьарыктаах буолаллар. Билэ-көрө сатыыр, саҥарар уонна суруйар дьоҕурдара сайдар.
Мин, Ионова Марианна Константиновна, Г.И. Чиряев аатынан орто оскуолаҕа педагог – библиотекарынан 30 сылбын үлэлиибин. 2012 сылтан оскуолаҕа “Ориентир” пресс — киини салайан үлэлэтэбин. 2014 сылга нуучча тылын уонна литературатын учууталын Надежда Николаевна Федорованы, 2015 с. ангылычаан тылын учууталын Юлия Романовна Петрованы кытта бииргэ салайан үлэлээбиппит. 2017 сылтан ыла нуучча тылын уонна литературатын учууталын Майя Капитоновна Иванованы кытары таһаарыылаахтык үлэлээн кэллибит. Пресс-кииҥҥэ оҕолору сүүмэрдээн киллэрэбит. Үөрэнээччилэри ыстатыйа суруйарга, интервью ыларга, көмпүүтэргэ сатаан үлэлииргэ үөрэтэбит. Оҕолор иккис-үһүс сылларыгар дьэ арыллан, баҕаран туран үлэлииллэр. Бэлиэ түгэннэргэ “Ориентир” оскуола хаһыатын ый ахсын таһаарар этибит. Сылга 10-ча хаһыат тахсара. Оскуолабытыгар буола турар тэрээһиннэри, ситиһиилээх учууталлары уонна үөрэнээччилэри сырдатан хаһыакка суруйабыт. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэргэ кыттан куруутун миэстэлэһэбит. Оҕолорго ыстатыйа суруйтаран “Олох суола» улуус хаһыатыгар, «Юность Севера” уонна “Кэскил” өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хаһыаттарыгар бэчээккэ таһаартарабыт. Оскуолабытыгар буолар улуус таһымнаах учууталлар семинардарыгар, мунньахтарыгар, регионнар икки ардыларынааҕы “Түмэр форумҥа”, регионнааҕы II политехническай турнирга, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин үлэһиттэрин II сайыҥҥы методическай “Серебряный пеликан” кэмпириэнсийэлэригэр учууталлар күрэхтэрин сырдатан элбэх хаһыаты таһаарбыппыт.
Ону таһынан оскуола, өрөспүүбүлүкэ оҕо хаһыатын сайтыгар, инстаграмыгар сонуннары, видеороликтары оҥорон ыытабыт. Мультимедийнай суруналыыстыкаҕа “Ориентир” пресс–киин инники сайдыыта” диэн бырайыак оҥорон, күрэхтэргэ көмүскээбиппит. Өрөспүүбүлүкэҕэ «JuniorSkills” чемпионакка ситиһиилээхтик кыттабыт. Куйаар ситиминэн сонуну түргэнник тиэрдэргэ инстаграмы, сайтары туһанан, лонгриды оҥорон, саҥа сүүрээни үлэбитигэр киллэрэбит.
Анал суруналыыс идэтэ суох киһиэхэ аан бастаан саҕалыырга ыарахан этэ. Дьокуускайга Татьяна Афанасьевна Гоголева салайааччылаах “Мин төрөөбүт дойдум” диэн телерадиоакадемия эдэр кэрэспэдьиэннэри үөрэтэр бырайыактарыгар бииргэ үлэлэспитим. Бу академияҕа сылга иккитэ оҕолору ыытан үөрэттэрэр буолбутум. Эдэр кэрэспэдьиэннэр камера иннигэр толлубакка саҥарарга, суруйарга үөрэммиттэрэ.
Биһиги оскуолабытыгар Бастакы Президент М.Е. Николаев кэлэ сылдьыбытыгар, “Ориентир” пресс-киин оҕолоро хаһыаттарын быыстапкалаан, ситиһиилэрин кэпсээн уонна киниэхэ анаан таһаарбыт хаһыаттарын бэлэх биэрбиттэрэ.
“Кэскил” оҕо хаһыатын кыһатын халыҥ хамаандата сыл аайы Бүлүү улууһугар кэлэн үлэлээн бараллар. Араас хайысхалаах тэрээһиннэри: умнуллубат көрсүһүүлэри, түгэннэри бэлэхтээбиттэрэ. Суруналыыстар Анисия Михайловна Иевлева, Таисия Ивановна Алексеева, Анатолий Николаевич Павлов–Дабыл, Василий Николаевич Пак, Александр Васильевич–Көрдүгэн олус наадалаах маастар-кылаастары ыыталлара. Оҕолор билиилэрин-көрүүлэрин байыталларыгар, дьоҕурдарын сайыннаралларыгар төһүү күүс буолбуттарын бэлиэтиибин. Бүлүү улууһун Илбэҥэ, Чинэкэ нэһилиэктэрин орто оскуолаларыгар уонна Ньурба куоратыгар Бүлүү бөлөх эдэр кэрэспэдьиэннэрин регионнааҕы сүлүөттэрин тэрийэн ыыппыттара. Эдэр кэрэспэдьиэннэргэ бэрт элбэх интэриэһинэй күрэхтэри, маастар кылаастары, пост салайааччыларыгар уопут атастаһыытын тэрийэн ыыппыттара. Үгэс буолбут квест оонньууларынан интэриэһиргэппиттэрэ. Сүлүөт араас күрэхтэһиитигэр анал ааттары иҥэрэн, сыаналаах бэлэхтэри оҕолорго туттаран, хаһан да умнуллубат түгэннэри хаалларбыттара. Ньурбага ыытыллыбыт сүлүөккэ кыайан көһөрүллэ сылдьар кубогынан уонна биһиги «Океан” лааҕырга сынньанар путевкаҕа тиксибиппит.
Кэрэспэдьиэн оҕолор “Кэскил”, “Юность Севера» оҕо хаһыаттарыгар сылын ахсын суруталлара ирдэниллэр. “Кэскил” оҕо хаһыатын кытта доҕордоһон үлэлээн кэллибит. Эдэр кэрэспэдьиэннэр Федоров Коля «Биир хаартыскаттан сиэттэрэн” диэн улуус баһылыгыттан ылбыт интервьюта, Антонов Валера “Истинный герой своего времени” диэн Бастакы Президеммит М.Е. Николаев туһунан суруйуута, “Аалай хаалтыстаах суолдьут сулус” диэн пионер баһаатайынан үлэлээбит бэтэрээн учуутал Н.Д. Алексеева туһунан, “Мой кумир” диэн Бүлүү киэн туттар, биллиилээх суруналыыс Н.А. Крылов туһунан Дедюкина Ангелина, “Английское чаепитие” диэн Никифорова Настя суруйбут улахан ыстатыйалара “Юность Севера”, “Кэскил” оҕо уонна улуус “Олох суола” хаһыаттарыгар бэчээттэнэн тахсыбыттара.
Салгыы “Ориентир” пресс– киин оҕолоро сүүмэрдиир түһүмэхтэри ааһан өрөспүүбүлүкэ пресс–киинин састаабыгар киирэн, өрөспүүбүлүкэ, аан дойду таһымнаах форумнарга, кэмпириэнсийэлэргэ кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлээн сайдан барбыттара. Ол курдук “Зима начинается с Якутии” бэстибээлгэ, норуоттар икки ардыларынааҕы Азиатско-Тихоокеанскай эдэр чинчийээччилэрин кэмпириэнсийэлэригэр, ХИФУ “Журналисткие каникулы” семинарга талыллан үлэлээбиттэрэ.
Бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэннэрим Кириллин Никита улууска хас да сыл “Бастыҥ таҥааччы” анал аат кыайыылааҕа, “JuniorSkills” өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар 2018 с ситиһиилээхтик кыттыбыта. Билигин үөрэнэ сылдьар оҕолортон Никифорова Настя, Дедюкина Ангелина, Иннокентьев Андрей — үгүс күрэхтэр кыайыылаахтара. Кинилэр ыстатыйалара элбэхтик бэчээккэ тахсыбыттара. Киэн тутта кэпсиир оҕолорбут Антонов Валераны, Софронеев Альберты 2016 сыллаахха Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” 2016 с. , Федоров Коляны Дьокуускайга эмиэ Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” 2018 с. Интеллектуальнай оонньууларга, Арбыкин Аркадий, Федоров Коля “Азия оҕолоро” 2019 с. кыһыҥҥы спортивнай оонньууларга Соҕуруу Сахалиҥҥа оонньуулары сырдатыыга үлэлээбиттэрэ. Соҕуруу Сахалинтан “Кэскил” оҕо хаһыатыгар, сайтыгар, улуус хаһыатыгар спортивнай оонньуулар сонуннарын ыыталаабыттара. Кинилэри салайан илдьэ сылдьыбыт суруналыыстарга махталбытын тиэрдэбит. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттан, элбэххэ үөрэммиттэрэ.
Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыстар суруйар оҕолору көҕүлээн сылын ахсын стипендия аныыллар. Ол курдук суруналыыс СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Александрович Крылов анал стипендиятын ылар чиэскэ Антонов В., Федоров К. Тиксибиттэрэ. Бүлүүттэн бастакы поэтесса Луиза Георгиевна Прокопьева стипендиятын Антонов В. ылбыта, Россия суруналыыстарын чилиэнэ Мотрена Никитична Дорофеева аатынан стипендияны Федоров Коляҕа анаабыттара. Маннык тэрээһиннэр оҕолору өссө үрдүккэ кынаттыыр.
Оскуоланы бүтэрбит эдэр кэрэспэдьиэн оҕолорбут Софронеев Алик (2018 с.) Москва куоракка М.А. Горькай аатынан литературнай институтка, Антонов Валера ХИФУ филология факультетыгар “Реклама и связь с общественностью” салааҕа, Федоров Николай (2019 с) ХИФУ ИЯКН “Литературное творчество” салааҕа үөрэнэ сылдьаллар. Инникитин да «Ориентирга” суруналыыс идэтигэр киириэн баҕалаах оҕолор бааллар. Кэрэ бэлиэ үбүлүөйүнэн, 85 сааһынан тапталлаах «Кэскил” оҕо хаһыаппыт кыһатын итиитик истиҥник эҕэрдэлиибин. Кэскиллээх үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын, киэҥ далааһыннаах хайысханан үлэлии, үүнэ — чэчирии туруҥ!