Арай биирдэ Тииҥчээн тууйаһын сүкпүтүнэн тыа лааппытыгар барбыт. Аара суолга бэйэтэ да билбэтинэн хас да сиргэ тохтоон ааспыт.
Тииҥчээн, эйиэхэ сөптөөх түү бэргэһэ баар, — диэбит Сиэгэн.
Тииҥчээн кэтэн көрбүт, сөбүлээбит, атыыласпыт.
Салгыы барбыт.
Тииҥчээн, мааны бэйэҕин маанылыыр тупсаҕай да көстүүлээх сэлээппэ баар, — диэбит Улар.
Тииҥчээн кэтэн көрбүт, олус ымсыырбыт, атыыласпыт.
Салгыы барбыт.
Тииҥчээн, эйиэхэ эрэ анаммыт курдук баайыы бэргэһэ баар, сып-сылаас, тыал курдары үрбэт, — диэбит Киис.
Тииҥчээн кэтэн көрбүт, чахчы киниэхэ эрэ анаммыт курдук эбит, ылбыт.
Салгыы барбыт. Ити курдук кини тиийиэхтээх сиригэр тиийиэр диэри биэс уон биэс бэргэһэни, сэттэ уон сэттэ сэлээппэни атыыласпытын өйдөөбөккө да хаалбыт.
Арай, тууйаһа сиигинэн хайа ыстанаары гыммытыгар биирдэ өйдөөбүт:
Бэйи эрэ, мин тэллэй хатарарбар туус ыла кэллим этэ буолбаат?!
Ол дьыл Тииҥчээн тэллэйин тууһа-тумата суох сиэн кыстаабыта үһү.
Ааптар: Василина Попова, гуманнай педагог, психолог, суруналыыс.