Бэдьимэ оҕолоро сайыны туһалаахтык атаардылар. 8 кылаас үөрэнээччитэ Алёша Андреев бу сайын көнүүһүнэҕэ үлэлээн, аҕатыгар көмөлөстө.
Үлэтэ сарсыарда 3.30 саҕаланан, хойукка диэри тардыллар. Аҕатын кытта аттарын ипподромҥа илдьэн хаамтараллар, ойуталлар- суурдэллэр. Көнүүһүнэҕэ төттөрү аҕалаллар, сынньата-сойута түһэн баран, эбиэһинэн, отунан, соломонон аһаталлар, уулаталлар. Астарын биэрэн баран, уйаларын ыраастыыллар. Алеша Күндээр диэн 10 км сүүрүүгэ ситиһиилэрдээх сүүрүк сылгытын миинэн олорор.
Алеша бииргэ төрөөбүт сэттиэлэр, кини – алтыс оҕо. Аҕата Николай Петрович, ийэтэ Саргылана Афанасьевна үлэһит удьуор сыдьааннара буолан, бэйэлэрин оҕолорун эмиэ кыраларыттан үлэни таптыырга, сатабыллаах буоларга иитэллэр.
Ааптар: Екатерина Попова.
Мэҥэ-Хаҥалас.