1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр «Саха дойдута» диэн сахалыы бастакы хаһыат күн сирин көрбүтэ. Уопсастыбаннай деятель, суруйааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр көҕүлээһининэн сахалыы бастакы хаһыат тахсыбыта. Быйыл от ыйын 1 күнэ Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан Национальнай бэчээт күнүнэн биллэрилиннэ.
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэтин тиэрдэр:
— Оҕо, ыччат бэчээтин Саха сиригэр бастакы таһаарыытынан 1918 сыл атырдьах ыйын 3 күнүгэр тахсыбыт «Юный пролетарий» хаһыат буолар.
Оҕолорго аналлаах «Бэлэм буол» хаһыат сахалыы тылынан 1936 с. ыам ыйын 15 күнүгэр тахсыбыта, 8 тыһыынча сурутааччылаах этэ.
Хаһыат бастакы эрэдээктэринэн биллиилээх поэт Архип Георгиевич Кудрин-Абагинский анаммыта.
Кини кэнниттэн эрэдээктэрдэринэн Гаврил Павлович Тихонов, норуодунай суруйааччы Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап үлэлээбиттэрэ.
1939 сыллаахтан салайбыт суруйааччы Никифор Кирикович Седалищев- Дьүөгэ Ааныстыырап «Бэлэм Буол» хаһыат сэрии иннинээҕи бүтэһик эрэдээктэрэ этэ. 1944 сыллаахха кыргыһыы хонуутугар геройдуу охтубута. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр хаһыат сабыллыбыта.
1941 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр «Бэлэм буол» бүтэһик нүөмэрин таһааран, редакция үлэһиттэрэ фроҥҥа барбыттара. Ол кэнниттэн 18 сыл ааспытын эрэ кэнниттэн 1959 сыллаахтан «Бэлэм буол» саҥаттан сөргүтүллэн, бэчээттэнэр буолбута. Хаһыат 278 нүөмэринэн сэрии иннинээҕини салгыыр курдук бэчээттэммитэ. Манна олук уурбут киһинэн САССР комсомолун обкомун 1 секретэрэ, ССРС комсомолун Киин кэмитиэтин чилиэнэ Егор Дмитриевич Кычкин буолар. Хаһыат эрэдээктэринэн Секлетея Алексеевна Курчатова анаммыта. Эппиэттээх сэкрэтээринэн фронтовик поэт Иннокентий Эртюков, литэрэтиирэ салаатын Николай Мординов — Амма Аччыгыйа салайан үлэлээбиттэрэ.
1961 сыллаахтан биэнсийэҕэ тахсыар диэри, уопсайа, 51 сыл, 8 ый, солбуллубат эрэдээктэринэн Нина Иннокентьевна Протопопова үлэлээбитэ. Кини саамай уһуннук кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлээбит киһи быһыытынан Россия рекордун кинигэтигэр киирбитэ.
1988 сылтан «Бэлэм буол» нууччалыы тылбаастанан, «Будь готов» хаһыат быһыытынан тахсар буолбута.
Комсомол, пионерия тэрилтэлэрэ үрэллэр уларыта тутуу уустук кэмнэригэр Нина Иннокентьевна Өрөспүүбүлүкэ бастакы Президенэ М.Е. Николаев (оччолорго САССР Верховнай Сэбиэтин Президиумум бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ) өйөбүлүнэн хаһыаттара «тыыннаах” хаалалларыгар турууласпыта. Онон бу хаһыаттар «Кэскил», «Юность Севера» диэн саҥа аатынан тахсар буолбуттара.
2013 c. Нина Иннокентьевна күүстээх туруорсуутунан «Сахапечать» тэрилтэттэн арахсан, туспа ГАУ «Детское издательство «Кэскил» тэриллиитин СӨ Президенин Егор Борисов 2013 с. от ыйын 4 күнүнээҕи N 543-РП Уурааҕа бигэргэппитэ. Cастаабыгар «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар, «Чуораанчык» (1986 с.тэриллибитэ) , «Колокольчик» сурунааллар киирбиттэрэ.
2014 сыллаахха «Бэлэм Буол» хаһыакка өр кэмҥэ үлэлээбит норуодунай суруйааччы Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа аата издательствоҕа иҥэриллибитэ.
84 сыл устата “Кэскилтэн” хас эмэ көлүөнэ юнкор иитиллэн, билигин өрөспүүбүлүкэ бэчээтин, тэлэбиидэнньэтин, араадьыйатын, Интернет ситимин таһаарыыларын эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар.
Саҥа кэм ирдэбилинэн билигин «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар, «Чуораанчык», «Колокольчик» сурунааллар саҥа киэбинэн тахсаллар, баай ис хоһоонноохтор, ураты ойуулаахтар-киэргэтиилээхтэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан хаһыакка QR-код киллэрэн, ааҕааччыларбыт тустаах ыстатыйаҕа сыһыаннаах видеону көрүөхтэрин, туһалаах ссылкаҕа тахсыахтарын сөп. Интернет ситимигэр keskil14.ru сайт, keskil.media2020, keskil.news, unost_severa, kolokolchik_chuoraanchik инстаграмнар үлэлииллэр.
Национальнай бэчээт күнүнэн «Кэскили» кытта ситимнээх дьоммутун, хаһыат бэтэрээннэрин, юнкорпостар салайааччыларын, эдэр кэрэспэдьиэннэрбитин итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! «Кэскилгитин» кытта ситимҥитин быһымаҥ, оҕону ааҕыы дьиктилээх эйгэтигэр сирдээн, үтүөнү-кэрэни инэриҥ!
«Кэскил», «Юность Севера», «Чуоранчик» и «Колокольчик» таһаарыыларга https://podpiska.pochta.ru сайтка киирэн суруйтарыҥ!