Сахалыы блогерство сайдар кэскиллээх дуо? Таатта улууһун Игидэй оскуолатын оҕолоро видеороликтары оҥорон бэйэлэрэ YouTube-канаалга угаллар. Саҥа саҕалааһын тэтимин ыллаҕына саха тыла чэчирии сайдарыгар сэмэй кылаатын киллэриэ диэн эрэниэҕиҥ.
Попова Тася Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын 4-с кылааһын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрдэ.
Тася тарбаҕар талааннаах, барыга бары дьоҕурдаах. Сөбүлүүр дьарыга — уруһуй. Кыайыы 75 сылыгар анаан ыытыллыбыт «Миру мир» республиканскай куонкуруска номинацияҕа тиксибитэ. «Хомус алыба» хомусчуттар ансамбылларыгар дьарыктанар.
Тася төрөөбүт дойдутун айылҕатын олус сөбүлүүр. Соторутааҕыта буолан ааспыт Экология күнүгэр эдьиийинээн Викториялыын устубут видеосюжетын көрүҥ, сыаналааҥ.
Оттон бу — Дедюкин Гриша, Игидэй оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ. Уолчаан үөрэҕэр кыһамньылаах. Техниканы интэриэһиргиир, хасыһарын сөбүлүүр.
Гриша айылҕалыын алтыһарын туохтан да ордорор. Олус үлэһит уол. Тыа оҕотун сиэринэн сайыҥҥы куйааска олох кыра эрдэҕиттэн от үлэтигэр эриллэн, саас улахан дьону кытта үүтээҥҥэ сылдьан айылҕа уһуктуутун кэтээн көрөр. Төрөөбүт дойду айылҕатын кэрэтин көрдөрөр олус интэриэһинэй видеосюжетын көрүҥ, сыаналааҥ, лайкта туруоруҥ.
Ааптар: Варвара Ефимова, Игидэй оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, «Чуораанчыктыын доҕордос, Кэскиллиин кэккэлэс» бырайыак ааптара