Оҕолоор, бириэмэни сөпкө аттаран туһанар киһи элбэҕи ситиһэр, бэйэтин сайыннарар. Ол оруннаах. Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр олорор Эрчим Николаев бэйэтин дьоҕурун, сатабылын олус бэркэ туһанар. Кини Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатыгар IV кылааска үөрэнэр. Иллэҥ бириэмэтин барытын туһаҕа таһаарар. Сүрэҕэ, өйө-санаата тугу сөбүлүүрүнэн хоннохтоохтук ылсан дьарыктанар эбит.
Амма Эмиһигэр олорор уолчаан Эрчим Николаев өссө биэс саастааҕар хоһоон суруйуохпун баҕарабын диэн ийэтин көмөлөһүннэрэрэ. Оскуолаҕа киирэн, буукубаны билэн-көрөн баран, ким да көмөтө суох, бэйэтэ суруйар буолбут. Дэриэбинэтин иһигэр тугу хайгыы, сэргии көрбүтүн сурукка тиһэр, хоһоон гынан холбуур.
Итинтэн сиэттэрэн Эрчим аны саха суруйааччыларын хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕар буолбут. Ордук көрдөөх хоһооннору ааҕарын сөбүлүүр. Онно сөптөөхтүк туттан-хаптан ис хоһоонун ситэрэн-хоторон биэрэр.
Эрчим – асчыт. Бурдук аһы ордук сөбүлээн астыыр. Ырыссыаптары мунньар туспа тэтэрээттээх. Миньигэс амтан кистэлэҥин арыйар,ону баһылыыр санаалаах. Торт астаан чугас дьонун күндүлүүр. Сакааһынан эмиэ астыыр. Онон кыралаан дохуоттанар. Бэйэ оҥорор дьыалатынан харчы киллэриэххэ сөп эбит диэн толкуйга кэлбит.
Эрчим саха народнай поэтыгар, оҕо суруйааччытыгар Иван Мигалкиҥҥа «Чуораанчык» сурунаалга тахсыбыт ырыссыабынан плюшка астаан бэлэхтээбит. Бу Эрчимҥэ саамай долгутуулаах ураты күн, оттон суруйааччыга хаһан да буолбатах ураты бэлэх эбит.
Эрчим сөбүлүүр дьарыктара ситиһиилэри тосхойоллор. Хоһоон ааҕыытын өрөспүүбүлкүтээҕи, улуустаҕы түһүлгэлэригэр бириистээх миэстэлэри ылар. Ас астааһыныгар улууска бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар.
Биир саастыылаахтарыгар Эрчим бириэмэни сөпкө аттаран туттарга тугу сүбэлиирий?
Бастакынан, тугунан дьарыктаныаххытын баҕараргытын бил. Ол дьарыгы бэйэҥ таптыыр, сөбүлүүр буолуохтааххын.
Иккиһинэн, күннээҕи былааҥҥын оҥоһун. Чааһын, мүнүүтэтин барытын ыйан туран оҥорор ордук. Сөбүлүүр дьарыккар бириэмэтэ хайаан да анаа.
Үсүһүнэн, сөбүлүүр дьарыккын сайыннар. Элбэҕи аах, бил. Бу дьарык көмөтүнэн эн бэйэҕэр харчы киллэриэххин сөп.
Эрчим Николаев айар, суруйар тэтэрээтиттэн
Саас
Саас буолла
Күммүт үөрдэ,
Чалбах, бадараан
Элбэхтик таҕыста.
Оҕо-аймах үөрдэ-көттө
Хаарынан сэриилэстэ,
Кумааҕынан пароход оҥорон
Чалбахха ыытта оонньото.
Муус устар 2015 с., 6 саастаах.
Аммабын таптыыбын
Дьэҥкир ыраас өрүстээх
Аммабын таптыыбын мин.
Минньигэс дьэдьэн сыттаах
Амма сирэ барахсан.
Кэрэ-нарын сардана сибэкки
Таптаан үүнэр мин Аммабар.
Ыраас уулаах Аммабар
Таптаан сөтүөлүүр оҕо-аймах.
Муус устар 12 күнэ 2019 с.
Таксист
Биһиги нэһилиэкпитигэр Григорьев Роберт диэн наһаа үлэһит таксист баар. Үчүгэй үлэтин иһин олохтоохтор махтаналлар. Мин киниэхэ анаан хоһоон суруйдум.
Таксист, таксист Эриэбэ
Дьону таһан абырыыр.
Күнүстэри-түүннэри
Сылайбакка үлэлиир.
Аммаҕа, Бэстээххэ, куоракка
Аккаастаммакка айанныыр.
Аара суолга ыксаабакка
Аргыыйдык айанныыр.
Элбэхтик сүүрэр
Эрэллээх киһиэхэ
Эриэбэ таксиска
Эҕэрдэ буолуохтун!
Ахсынньы 17 күнэ 2020 с.
Ааптар: Сардаана МАТВЕЕВА