Афанасий Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ алтынньы 7-10 күннэригэр Исландия Аккюрейри куоратын мээрин Астульдур Стурлудоттер ыҥырыытынан, ыччат экологическай форумугар кыттан кэллибит. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы экологическай форум Арктика уутун (водные ресурсы) харыстааһыҥҥа, чинчийиигэ ананна.
Саха сириттэн Верхоянскай, Эбээн-Бытантай, Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарыттан, Дьокуускай куораттан 17 үөрэнээччи кытынна, ону таһынан Ненецкай, Ханты-Мансийскай, Ямало-Ненецкай автономнай уокуруктартан, Исландияттан, Японияттан, уопсайа, 40 оҕо кэлэн, ангылычаан тылынан дакылаат оҥордубут.
Оскуолабыт хотугу регионнары түмэр норуоттар икки ардыларынааҕы “Хотугу форум” тэриллиини кытта партнердуу үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Оҕолор араас сылларга Америкаҕа, Финляндияҕа, ЯНАО Салехард куоратыгар уонна Исландияҕа эдэр ыччат экологическай форумнарыгар кыттан, үгүс ситиһиилээх кэлбиттэрэ. Бу, биллэн турар, омук тылын баһылыырга, идэни таларга оҕолорго улахан суолталаах. Оскуолабыт салалтата оҕолор омук тылын толору баһылыылларыгар улахан болҕомтотун ууран үлэлиир. Сылын аайы омук делегациятын (носители языков) ыҥыран туһалаах көрсүһүүлэри, сэргэх тэрээһиннэри, омук тылын куурустарын ыыталлар.
Исландияны илэ харахтарынан көрбүт, форумҥа кыттыбыт оҕолор санаалара маннык:
Юлия Спиридонова:
— Форум бастакы күнүгэр Аккюрейри мээрэ Астульдур Стурлудоттер кыттааччылары эҕэрдэлээн, көрсөн барбыта. Киниэхэ махталбытын тиэрдэн, бэйэбит сэмэй бэлэхпитин туттарбыппыт. Дойдубут ураты культуратын сырдатар музыкальнай эҕэрдэбитин көрдөрбүппүт. Бары олус сэнээрбиттэрэ.
Ярослав Антонов:
— Биһиэхэ үс күн устата омук тылынан туһалаах лекциялар, аһаҕас кэпсэтиилэр ыытыллыбыттара. Биһиги бу лекциялартан элбэҕи билбиппит, Арктиканы үөрэтэр, айылҕатын харыстыыр санаа киирбитэ. Киэһээ форум кыттылаахтарын түмэр тэрээһиннэр буолбуттара. Араас норуот оҕолорун кытта билсэн, кинилэр дойдуларын туһунан билэн олус үөрдүм уонна астынным.
Иветта Санникова:
— Биһиги Аминалыын дакылааппытыгар Сиинэ уутун, отун чинчийбиппитин кэпсээтибит. Исландия наһаа кыраһыабай дойду, күрүлгэҥҥэ сылдьан, олус астыммыппыт. Атын дойду оҕолорун кытта билсэн, билигин социальнай ситим нөҥүө, дойдубут, оскуолабыт туһунан кэпсэтэбит.
Бу курдук, биһиги ыраах Исладияҕа тиийэн, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут аатын чиэстээхтик көмүскээтибит. Атын дойдулар Саха сирин айылҕатын интэриэһиргээтилэр, элбэҕи ыйыттылар.
Түгэнинэн туһанан, олохпутугар биир умнуллубат күннэри бэлэхтээбит, Хотугу форум салайааччытыгар Д.Д.Максимоваҕа, оскуолабыт салалтатыгар, дириэктэрбитигэр А.А.Гаврильеваҕа махталбытын тириэрдэбит.
Маннык таһымнаах экологическай форумҥа сылдьан, оҕо кыра эрдэҕиттэн тулалыыр айылҕаны харыстыырга, баар кыһалҕаны туоратарга үлэлэһэр, өйдүүр буолар диэн түмүккэ кэллибит.
Ааптар: Амина Тырылгина, X кылаас.