Саха Республикатын народнай поэта Семен Петрович Данилов 1917 с. кулун тутар 20 күнүгэр Горнай улууһугар төрөөбүтэ. Кини маҥнай кэпсээн суруйара. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1945 с. тахсыбыта. Ол эрээри кини поэзияҕа уһулуччу дьулуурдаахтык уонна талааннаахтык үлэлээн, саха поэзиятын Союз, аан дойду түһүлгэлэригэр таһаарсыбыт үтүөлээх. Ол курдук кини хоһоонноро Сэбиэскэй Союз омуктарын тылларыгар барытыгар кэриэтэ, ону ааһан монголлуу, японнуу, французтуу, английскайдыы, немецтии, о.д.а. тылбаастаммыттара. Түөрт уонча кинигэ ааптара.
Саха поэзиятыгар ураты «даниловскай» интонацияны киллэрбитэ, лирическэй уонна гражданскай сүүрээннэри өссө дириҥэппитэ. Кини тылыгар сүүсчэкэ ырыа суруллан, киэҥник ылланар.
Республика, Россия биир биллэр общественнай деятелэ. Өр сылларга Саха сирин суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Дьоҕурдаах эдэр ыччаты өйүүр кэскиллээх литературнай политиканы ыыппыта.
Оҕолорго таптаппыт элбэх xohooн кинигэтин ааптара. Тылбаасчыт.
ССКП XXIV съеһин делегата.
М.Горькай аатынан РСФСР государственнай бириэмийэтин лауреата, Польша Народнай Республикатын культуратын үтүөлээх деятелэ.
Октябрьскай Революция, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕаадаламмыта.
1949 с. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ.
1978 с. сэтинньи 27 күнүгэр эмискэ ыалдьан өлбутэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.