Сэтинньи 11 күнүгэр Э.К.Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуола олус элбэх оҕону түмтэ. Ол курдук, физика үрдүкү категориялаах учуутала Бойтунова Альбина Васильевна оҕону сайыннарарга аналлаах олус элбэх бырайыагы толкуйдаан үлэлэтэр. Олортон биирдэстэрэ «Политехнический марафон» диэн бырайыага үрдүк таһымҥа тэрилиннэ.
Бу бырайыак быйыл 17-с төгүлүн ыытылынна. 2009 сыллаахтан республика таһымыгар тахсыбыта.Бастаан улуус киинигэр Ытык-Күөлгэ А.Е. Мординов аатынан гимназияҕа тэрээһин ыытыллыбыта. Ол кэмҥэ сорудахтары улуус методическай холбоһугун учууталлара толкуйдаан оҥорор этилэр.
Сыл аайы предметтэр уларыйа тураллар: Физика, математика, черчения, химия, биология.
Пандемия кэмигэр 2019-2023 сс ыраахтан олорон кыттыыга республика бары оскуолалара, Саха сирин бары улуустарыттан кыттыбыттара.
Быйыл 2026 сылга олохтоох оскуолабытыгар сирэй көрсүү көрүҥүнэн ыытылынна. Түөрт улуустан:Томпо, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Таатта оскуолаларыттан барыта 17 хамаанда, 90-ча үөрэнээччи күөн көрүстэ. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт үөрэнээччилэр астынан-дуоһуйан, кыайыылаахтар үөрэн-көтөн , өссө да кыттыах буолан тарҕастылар. Түмүк маннык таҕыста.



9-с кылаастар ортолоругар:
Сүрүн кыайыылаах үрдүк аатын ылла-Чурапчы гимназията.
1 м.Туора-Күөл орто оскуолатын 2 хамаандата.
2 м.Ытык-Күөл орто оскуолата.
3 м.Туора-К86л орто оскуолатын 1-кы хамаандата.
4 м.Томпо улууһун Мэҥэ-Алдан орто оскуолата.
5 м.Мэҥэ-Хаҥаас Тумул оскуолата.
10-с кылаастарга:
Сүрүн кыайыылаахтар – Чурапчы гимназията.
1 м. Туора-Күөл орто оскуолатын 1 хамаандата.
2 м.Чурапчы улууһун Хатылы орто оскуолата
3 м. Мэҥэ-Хаҥалас Төҥүлү орто оскуолатын хамаандата.
4 м.Ытык-Күөл орто оскуолатын хамаандата.
5 м.Игидэй орто оскуолатын 1-кы хамаандата.
11 кылаастарга:
Сүрүн кыайыылаах- Чурапчы гимназията
1 м.Таатта улууһун Тыараһа орто оскуолата.
2 м.Ытык- Күөл орто оскуолата.
3 м.Чурапчы спортивнай –интернат оскуолата.
3 м.Чурапчы улууһун Сылан орто оскуолата.
4 м.Таатта улууһун Игидэй орто оскуолата.
5 м.Таатта улууһун Баайаҕа орто оскуолата.
Бу курдук, үрдүк таһымнаах, сэргэх күрэс буолан ааста. Инникитин да бу бырайыак үлэтин салгыы ыыта туруо диэн эрэнэбит.
Варвара Ефимова, Игидэй, Таатта
