Сэтинньи 10 күнүгэр Горнай улууһун Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын 6 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ иккис чиэппэрдэрин умнуллубат түгэнинэн байыттылар — кинилэр Дьокуускай куоракка биир күннээх экскурсияҕа баран кэллилэр.
Бу күн кинилэргэ билиини-көрүүнү, доҕордоһууну уонна саҥа технологиялары кытта билсиһиини бэлэхтээтэ. Эбэн эттэххэ, бу кылаас медиа хайысхатыгар күүскэ үлэлэһэр.
Күн бастакы аҥарыгар — «Форт Боярд» кэрэхсэбиллээх квест.
Бэрдьигэстээхтэн сарсыарда 7 чаастан турунан, куораппытын 10 аҥаарга булбуппут. Тутатына, «Форт Боярд» диэн ааттаах квест-оонньууга кытынныбыт. Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан, өйдөрүн, сымса хамсаныыларын уонна бииргэ үлэлиир дьоҕурдарын тургуттулар. Сорудахтар уустуктарын аахсыбакка, оҕолор бэриниилээхтик оонньоотулар. Олус интэриэһинэй, ураты ис хоһонноох оонньууга түмүгүнэн «доҕордоһуу кыайда». Оонньуу түмүктүүр түһүмэҕинэн кэрчик иһигэр көмүс манньыаттары хомуйуу диэн этэ. Манна оҕолор эрдэ кыттыбыт хамаанда ситиһиитин куоһаран, рекорд олохтоотубут. Үөрүүбүт муҥура суох!
Күн иккис аҥарыгар — «Саха» НКИХ уонна АйТи парк
Күн иккис аҥарыгар үөрэнээччилэр «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа экскурсияҕа тиийдилэр. Манна кинилэр телевидение эйгэтин кытта илэ харахтарынан билсистилэр:
- Биэриилэр хайдах уһуллалларын, таҥыллалларын (монтажтанарын) көрдүлэр.
- Араадьыйа устуудьуйатын үлэтин кытары билистилэр, микрофоннар хайдах үлэлииллэрин тутан-хабан көрдүлэр.
- «Тооку» ханаал ойуулуктара (мультиктара) хайдах оҥоһуллалларын, хамсанар уобарастар (анимация) айыллалларын көрөн сөхтүлэр.
Экскурсияны Христина Самсонова уонна Ньургуяна Горохова тэрийдилэр, хас биирдии салаа тугу үлэлиирин кэпсээтилэр, сырдаттылар, оҕолор ыйытыктарыгар хоруйдаатылар.




Салгыы оҕолор тэрилтэ түмэлигэр сылдьан, «Саха» НКИХ устуоруйатын, биллиилээх дьонун туһунан элбэҕи биллилэр. Күн чаҕылхай түгэнинэн АйТи пааркаҕа сырыы буолла. Манна кинилэри идэлээх ыалдьыттар — Эдуард Рудых уонна Любовь Васильева көрүстүлэр. Кинилэр оҕолорго информационнай технология эйгэтин, күөх экран нөҥүө саҥарыы, көстүү албастарын туһунан интэриэһинэй маастар-кылааһы ыыттылар, бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр уонна бу идэ тоҕо кэскиллээҕин кэпсээтилэр.
Иванов Айван: «Куоракка олус астык сырыы буолла! Мин Форт Боярд диэн оонньууну сөбүлээтим. Манна ыытааччы эриэн үөнү туттаран көрбүтэ. Мин олопор бастакыбын тутан көрдүм. Өссө ордук «Саха» НКИХ сылдьыбыппытым сөбүлээтим аҕай! Ордук ойуулугу оҥорор салааны сэргээтим. Мин эмиэ улааттахпына, манна кэлэн үлэлиэм этэ.»
Слепцова Айталыына: «Кылааспын кытары умнуллубат күн буолла. Маннык күн элбэхтэ буолара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.»
Бу күн 6 «а» кылаас үөрэнээччилэригэр билии-көрүү, саҥа доҕоттору кытта алтыһыы уонна инники идэлэри кытта билсиһии быһыытынан умнуллубаттык ааста. Оҕолор куорат олоҕун, медиа-эйгэни уонна сыыппара технологияларын атын харахтарынан көрдүлэр. Түгэнинэн туһанан, тэрийээччилэргэ уонна оскуолабыт дьаһалтатыгар маннык дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин иһин махталбытын тиэрдэбит.
Сонуну бэлэмнээтэ кылаас салайааччыта Виктория Колодезникова
