Анал байыаннай дьайыыга (СВО) дойдубут чиэһин көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр, өйүүр үтүө үгэс биһиги оскуолабытыгар салҕанар.
Бу күннэргэ оскуолабыт үөрэнээччилэрэ «Буойуттарбыт этэҥҥэ сырыттыннар, төрөөбүт дойдуларыгар, дьонноругар-сэргэлэригэр эргиллэн кэллиннэр» диэн үтүө санаанан салайтаран, бэйэлэрин илиилэринэн харысхаллары оҥордулар.
Оҕо ыраас дууһатынан, истиҥ иэйиитинэн айыллыбыт харысхаллар буойуттарбытыгар күүс-уох эбиэхтэрэ, куһаҕантан араҥаччылыахтара диэн эрэнэбит.
Оҕолор оҥорбут харысхалларын нэһилиэкпит дьаһалтатыгар тиийэн, аҕа баһылыкка туттардылар. Ону тэҥэ оскуолабыт үлэһиттэрэ бу үтүө дьыалаттан туора турбатылар. Кинилэр дойду аһын амтанын санаттын диэн ынах уонна убаһа этин, сибиэһэй арыыны хомуйан биэрдилэр.
Бу мунньуллубут кэһиини уонна оҕолор харысхалларын аҕа баһылыкпыт Ньурба куоракка киирэн, анал пууҥҥа тиксэрэн туттарыаҕа.
Хорсун санаалаах буойуттарбыт кыайан-хотон, этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күүтэбит.

Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
