Оччоҕо бу ыйытыыларга «суох» уонна «оннук» диэн хоруйдаа.
- Тугунан эмэ дьарыктана олорон, атыҥҥа аралдьыйан ылааччыҥ дуо? Холобур, чэй иһэҕин, кимниин эмэ сэлэһэҕин, таах мээнэ ону-маны одуулуугун.
- Туох буоларын эрдэттэн сэрэйээччиҥ дуо?
- Эн атын дьон үөрүүтүн-хомолтотун сүрэххэр чугастык ылынаҕын. Ол иһин бары эйиэхэ ситиһиилэрин-хотторууларын кэпсиир үгэстээхтэр.
- Хайдах үөрэнэриҥ, үлэлиириҥ настарыанньаҕыттан улахан тутулуктаах.
- Өрүү сылдьар сиргэр кыра да уларыйыы баар буолбутун тута бэлиэтии көрөҕүн.
- «Хайдах киинэни сөбүлүүгүн?» — диэн ыйыттахтарына, тута эппиэт биэрэргин ыарырҕатаҕын.
- Хас да үлэни, дьарыгы тэҥинэн таһаарыылаахтык оҥорор кыахтааххын.
- Кинигэ ааҕа олорон, санааҥ онно-манна тиийэн ылыан сөп.
- Эн мэлдьи тугу эрэ толкуйдуу, ырыта, саныы сылдьаҕын.
Хоруйдаргар хайата элбэҕин аах:
«Оннук» диэн баһыйар буоллаҕына, сэрэйэр, таайар дьоҕуруҥ үчүгэйдик сайдыбыт. Нууччалыы эттэххэ, интуициялааххын. Ол иһин дьону кытта биир тылы түргэнник булаҕын, саҥаны, сонуну улгумнук ылынаҕын. Кыһалҕаны быһаара охсор дьоҕурдааххын. Ол гынан баран, иҥэн-тоҥон үөрэтэ, тоҕо оннук буолбутун быһаара, төрүөтүн түөрэн ырыта сатаабаккын.
Майгыҥ ити өрүттэрэ соруммут соруккун ситиһэргэр, элбэх доҕордоох буоларгар көмөлөһөллөр.Сэрэхтээҕэ диэн, эн барыны бары сэҥээрэн, сырсан, устунан улдьааран, ыһыллан хаалыаххын сөп. Ол иһин оттомноох уонна дьоһуннаах буоларга дьулус. Сорох түгэҥҥэ сүрэҕиҥ тугу этэрин эрэ буолбакка, өйүҥ тугу толкуйдуурун эмиэ ылынар буол диэн сүбэлиибит.
«Суох» диэн элбэх буоллаҕына, эн бэрээдэги сөбүлүүр уонна бу илэ чахчы баарга эрэ итэҕэйэр боччумнаах киһигин. Санааларгын сааһылаан, инникигин торумнаан, тугу гынаргын быһааран баран, дьэ, биирдэ туох эмэ быһаарыыны ылынаҕын. Барыта орун-оннугар буоларын ирдиигин. Маннык майгылааҕыҥ үчүгэйэ диэн, дьон эйигин ытыктыыр, тылгын истэр, толлор уонна эрэнэр.
Ол гынан баран өйдөө: олох хаһан даҕаны быраабыла быһыытынан барбат. Соһуччу түгэннэр, киһи үөйбэтэх өттүттэн араас түбэлтэлэр баар буолуохтарын сөп. Ону барытын уйар, тулуйар туһуттан арыый сытыы-хотуу, киириилээх-тахсыылаах, булугас, имигэс буоларга үөрэн.