Тааттаҕа Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар аналлаах II төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Төрүт ситим» дьиэ кэргэнинэн олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу күрэһэ буолан ааста.
«Таатта улууһа» МТ дьаһалтата, улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, Ф.С. Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын Харбалаахтааҕы филиала, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциацията, Тааттатааҕы Олоҥхо ассоциациятын филиала, Дьокуускайдааҕы «Арчы дьиэтэ» духуобунас киинэ бары түмсэн тэрийдилэр.
Бу тэрээһин сүрүн сыала-соруга маннык:
- Дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толорууну сүрүннээһин, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиитин ситиһии.
2.Олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу маастарыстыбатын үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии.
Күрэх түмүгүнэн «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыттан Зыковтар дьиэ кэргэн ыллылылар. Кинилэр 50 тыһыынча харчынан бириэмийэни туттулар.
Иккиһи Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн Верховцевтар дьиэ кэргэн олоҥхоһуттара ыллылар, кинилэргэ 30 тыһыынчалаах бириэмийэ туттарылынна.
Үсүһү Таатта Харбалааҕыттан Макаровтар дьиэ кэргэн ылан, 20 тыһыынча харчыны туттулар.
Бу тэрээһин Харбалаахтааҕы ускуустуба оскуолатын фольклорга учуутала СӨ үөрэҕириитин туйгуна Варвара Алексеевна Парфенова 4 сыллааҕыта саҕалаабыт тус бырайыага буолар. Ол кэҥээн, быйыл иккис сылын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытылынна. Варвара Алексеевна бу бырайыагын өйүүр дьонугар, кыттааччыларга барҕа махталын тиэрдэр. Сыллата ситимэ быстыбакка ыытыллан, кэҥээн, тэнийэн иһиэн баҕарар.
Валентина Кривошапкина, Таатта, Харбалаах.
keskil14.ru