Сэтинньи 20 – 21 күннэригэр профориентационнай нэдиэлэнэн 1–4 кылаастарга учууталларбыт «Все профессии важны» диэн кылаас чааhын ыыттылар. Оҕолор улааттахпытына туох үлэһит буолуохпутун баҕарбытын кэпсээтибит, идэ арааһын туhунан кэпсэппиппит.
«В мире профессий» диэн квест оонньууга 4 хамаандаҕа арахсан 4 түһүмэҕинэн оонньоон куоталаспыппыт. Бастакы түһүмэххэ «Букубаар», «Саха тыла» диэн тыллартан тыллары, идэ туhунан ыhыллыбыт ойууну хомуйан таhаарыы. Иккис түһүмэххэ самолет оҥоруу, идэни быhаарыы, туттар тэрилинэн идэни таайыы. Υһүс түһүмэххэ идэ туhунан ребус, «Араас идэлэр» кроссворд таайыы. Тѳрдүс түһүмэххэ үлэ туһунан ѳс хоһооннору сааһылааһын, филворд таайыы. Оонньуу түмүгэр бастаабыттарга грамота, кыттыбыттар бары сертификат туппуппут. Квест оонньууну олус сѳбүлээтибит, интэриэhинэй сорудахтары толороҕун.
Иккис күммүтүгэр нэhилиэкпит тэрилтэлэринэн экскурсияҕа сырыттыбыт. 1 – 2 кылаастар (салайааччылара Жиркова И.Н., Шамаева А.Н.) «Алаhа» сынньалаҥ киинигэр, библиотекаҕа, нэhилиэк администрациятыгар, «Мария» чайнойга сылдьыбыттара. Хайдах, туох үлэни ханнык идэлээх специалист толорорун билиhиннэрдилэр. Чайнойга оҕолору минньигэс бэрэскиилэринэн күндүлээтилэр.
3 – 4 кылаастар (салайааччылара Оленова С.Д., Тарасова Л.С.) ЖКХ котельнайыгар, саҥа үлэҕэ киирбит врачебнай амбулаторияҕа, «Сибойл» заправкаҕа сылдьыбыппыт. Тэрилтэлэр салайааччыларын, үлэhиттэрин кытта кѳрсүспүппүт, үлэлэрин туhунан билиhиннэрбиттэрэ, үлэлэрин миэстэлэрин кѳрдѳрбүттэрэ.
Биhигини оскуолабыт массыыната таhан олус абыранныбыт. Оҕолор бары маннык экскурсияттан астынныбыт, сылдьыбатах тэрилтэлэри кѳрдүбүт, биллибит, идэ араас буоларын уонна барыта наадалааҕын ѳйдѳѳтүбүт.
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын IV кылааһын үөрэнээччилэрэ,
Илбэҥэ, Бүлүү