Саҥа үөрэх нэдиэлэтэ оскуолабытыгар Дьоһуннааҕы кэпсэтии уруогуттан саҕаланна. Бүгүҥҥү уруокка чиэһинэй буолуу дойдубут сайдыытыгар туох оруоллааҕын туһунан толкуйдаан көрдүбүт уонна дьүүллэстибит.
Саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев – Далан «Дьикти саас» сэһэнигэр чиэс, суобас туһунан аудиоподкаст иһиттибит уонна нолуокка сыһыаннаах садаача суоттаан күрэхтэстибит.
Уруок кэннэ бииргэ үөрэнэр оҕолорбун уонна учууталларбын кытта сэһэргэстим.
Дьячковская Туяра Олеговна, 5 кылаас салайааччыта: «Бүгүҥҥү тиэмэни оҕолор олус сонурҕаан иһиттилэр. Бэсиэдэ кэннэ бөлөҕүнэн нолуок өйдөбүлүн уонна төлөбүрүн туһунан плакат оҥордубут. Оҕолор хас биирдии үлэһиттэн уон үс быраһыан тутулларын өйдөөтүлэр, дьиэ-уот, массыына о.д.а. нолуогун туһунан билиини ыллылар. Бу дьоһуннаах кэпсэтии инники олохторугар наада буолуо диэн эрэнэбин.»
Егоров Айсен, 10 кылаас : “Бүгүҥҥү уруоктан нолуок туһунан элбэҕи биллим. Дойдубут сайдыытыгар хас биирдии үлэһит киһи, дьиэ кэргэн киллэрэр кылаата туохха көстөрүн өйдөөтүм. Ол аата хас биирдии киһи тулалыыр эйгэтэ, олорор уулуссабыт да, нэһилиэкпит да сайдарын туһугар бу эбээһинэстэн куотуммакка, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах эбиппит диэн биллим».
Учууталым эппитинии, хас биирдии киһи кырдьыксыт, чиэһинэй, суобастаах буоллаҕына, дойдубут сайдыытыгар улахан хардыы, кылаат буолар.
Сайаана Терехова, 10 кылаас.
«Дьоҕур» медиакиин. Кэбээйи орто оскуолата