Эбээн-Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэ Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөргө бэлэмнэнэр. Нэһилиэккэ бу бэлиэ сылы көрсөргө хайдах, туох үлэ ыытылла турарын билээри олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччытын Анатолий Антонович Баишевтыын кэпсэттим.
— Нэһилиэкпитигэр Кыайыы 80 сылын көрсөргө кыралаан бэлэмнэнии барар. Ол курдук, оробуочай бөлөхтөрү, тэрилтэ салайааччыларын кытары мунньахтар, тэрээһиннэр хайдах баралларын сүбэ мунньах ыытыллыахтаах. Онтон билигин сэрии оҕолоругар муус ылыытыгар, мас тиэйиитигэр көмө оҥоһуллуохтаах. Нэһилиэкпитигэр, хомойуох иһин, бэтэрээннэрбит барахсаттар улам аҕыйаан, билигин сэрии оҕолоро биэс буолан хааллылар. Маны тэҥэ Кыайыы былааҕын көтөҕүү, бэтэрээннэри кытары көрсүһүүлэрэ, кэнсиэртэр о.д.а. үгэс буолбут култуурунай тэрээһиннэр ыччаты дойдунаат буоларга сыаллаах-соруктаах ыытыллыахтара, — диэн баһылык солбуйааччыта Анатолий Баишев иһитиннэрдэ.
Саха сирэ бүттүүнэ 2025 сылга Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөргө бэлэмнэнэр. Барыта 60 тэрээһин ыытыллара былааннанар эбит. Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһин боппуруостарын сүрүн тиэмэ оҥостон, утумнаахтык сырдатыахха дии саныыбын. Историябыт чахчылара тэйдэр-тэйэн истэхтэрин аайы, өссө чуолкайдык, кырдьыктаахтык сырдатыллыахтаах, үйэтитиллиэхтээх. «Историяны туора сотор — бу эдэр ыччат инникитэ сарбыллар» диэн норуот муудараһа да этэр. Бу этии кырдьыктааҕын билигин Украинаҕа буола турар-быһыы майгы көрдөрөр.
Улуу Кыайыыны уһансыбыт, уйгулаах олоҕу бэлэхтээбит аҕа көлүөнэ дьоммут сулус курдук сырдык буоллун өлбөт мэҥэ ааттара!
Кэпсэттэ, суруйда Стас Попов, «Биракчаан» медиакиин эдкора, Кустуур орто оскуолата.
keskil14.ru