Алтынньы 30 күнүгэр Эдьигээҥҥэ соторутааҕыта үлэҕэ киирбит култуура киинин иккис этээһигэр «Экстра Синема» саҥа киинэ саалатын үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста.
Бу күн олохтоохтор «Триумф» («Өрөгөй») сахалыы киинэни көрдүлэр.
– Мин табаарыспын ДениҺы кытта бүгүн «Триумф» киинэни көрдүбүт. Наһаа үчүгэй киинэ диэн сыаналаатыбыт. Биһиги быйыл О5о спортивнай оскуолатыгар тустуу секциятыгар дьарыктанан саҕалаатыбыт. Бу күн Р.М.Дмитриев аатын сүгэр саҥа спортивнай саалаҕа спортивнай оскуола иитиллээччилэрин икки ардыларыгар хапсаҕайга бастакы күрэхтэһии буолла. Биһиги онно кытынныбыт, Денис 22 киилэҕэ тэҥнээхтэрин булбата, онтон мин иккис миэстэни ыллым. «Триумф» киинэни көрөн элбэҕи биллибит, өйдөөтүбүт уонна улуу убайдарбыт курдук тулуурдаах, дьулуурдаах, кыайыылаах-хотуулаах буолуохпутун баҕарабыт, — диэн кэпсээтэ Эдьигээн орто оскуолатын бастакы кылааһын үөрэнээччитэ Сарыал Аполлонов.
– Мин иккис кылаастан тустуунан дьарыктанабын, онон «Триумф» киинэни хайаан да көрө барарга санаммытым. Киинэҕэ олимпиецтар Павел Пинигин, Александр Иванов, Эдьигээн оройуонун Бэстээх нэһилиэгиттэн төрүттээх, сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев улуу спортсмен буола үүнэн тахсыыларын уонна кинилэри кыайыыга кынаттаабыт улуу тренер Дмитрий Коркин үтүө үлэтин историялара арылхайдык көһүннэ. Бу күн Р.М. Дмитриев аатын сүгэр саҥа спортивнай саалаҕа спортивнай оскуола иитиллээччилэрин икки ардыларыгар хапсаҕай күрэҕэр 60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа бастакы миэстэни ыллым. Спортсмен аҥардас күүһүнэн-кыаҕынан эрэ буолбакка өйүнэн-санаатынан, толкуйунан, билиитинэн-көрүүтүнэн, дьулуурунан, дьиссипилиинэлээх буолан кыайыы өрөгөйүн билэрин «Триумф» киинэни көрөн өйдөөтүм, – диэн санаатын үллэһиннэ Эдьигээн орто оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ Модест Иванов.
Үс сеанс тухары саала иһэ толору буолан биэрдэ. Дьон кэтэһиилээх киинэлэрин дьиэ кэргэнинэн, доҕоттордорунаан, аймах-билэ дьонунаан көрө кэлбиттэр.
Ангелина ПЕТРОВА, VI кылаас,
Эдьигээн орто оскуолатын медиа киинин юнкора