Ыччаты араас идэҕэ уһуйар үөрэхпит кыһатыгар 2 мастарыскыай аһыллыыта буолла. Тимир уустарын уһуйарга аналлаах бары өттүнэн толору сэбилэммит литейнэй мастарыскыай уонна тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр туттуллар тиэхиникэ бары көрүҥэ баар мастарыскыайа баар буолла. Бу мастарыскыайдар билиҥҥи сайдыылаах олох бары ирдэбиллэригэр толору эппиэттиир компьютернай технология бары көрүҥүнэн толору хааччыллыбыттар.
Дьоро түгэни Орто Амма нэһилиэгин “Дабайыы”алгысчыттарын түмсүүтэ бары сиэри-туому тутуһан, арыйдылар. Ол кэнниттэн үөрэхтээһин холбоһугун дириэктэрэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна Анна Васильевна Мосоркина эҕэрдэ тылынан үөрүүлээх тэрээһин анал чааһын саҕалаата. Барыта 19 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах мастарыскыайы анаан биэрбит үөрэх уонна наука министерствотын салалтатыгар барҕа махталын тиэрдэрин эттэ. Үлэ бастыҥнарыгар наҕараадалары туттарда. Учуутал Диана Егоровна Соломонова СӨ үөрэҕириитин туйгуна үрдүк ааты сүктэ. Директоры үөрэх, производство чааһыгар солбуйааччы Ульяна Васильевна Егорова, бухгалтер Анастасия Алексеевна Лексекюна СӨ үөрэҕин уонна наукатын министерствотын Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаланнылар.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ быһа холбонуунан үөрэх уонна наука министрин бастакы солбуйааччы М.Ю.Присяжнай уонна Таатта улууһун Ытык киһитэ Б.Ф.Неустроев- Мандар Уус бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр, кэскиллээх үлэҕэ ситиһиилэри баҕардылар. Кыһыл лиэнтэни дохсун ытыс тыаһын доҕуһуолунан кырыйар чиэскэ тигистилэр:үөрэхтээһин холбоһугун директора А.В. Мосоркина, Ил Түмэн дьокутаата П.Д. Рахлеев, улуус баһылыгын солбуйааччы С.В. Сунхалыров.
Салгыы Ил Түмэн дьокутаата П.Д. Рахлеев, улуус баһылыгын солбуйааччы С.В. Сунхалыров, Таатта улууһун үөрэҕириитин салаатын начаалынньыгын солбуйааччы И.И. Тарабукин, “Манчаары оонньууларын тэрийэр” дирекция салайааччыта П.Е. Захаров эҕэрдэ тылы эттилэр. Кинилэр тыа сирин сайдыытыгар тирэх буолар идэлэргэ уһуйуллар ыччаттарга олус наадалаах мастарыскыайдар арыллыбыттарыттан үөрэллэрин уонна бу мастарыскыайдар кыахтарын толору туһанан үтүө үлэһит дьон иитиллэн тахсалларыгар төһүү буолуо диэн эрэнэллэрин тиэртилэр.Онтон маҥнайгы курс студена Слепцов Владимир эҕэрдэ ырыаны толордо.
Актовай саалга олорон, аныгы сибээс көмөтүнэн мастарыскыайдары көрдүбүт, бары өттүнэн толору хааччыллыылаахтарын көрөн, сөхтүбүт-махтайдыбыт. Бу мастарыскыайдар улуус үөрэҕириитигэр эмиэ тирэх буолуохтарын туһунан А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей директора И.А. Сивцева, улуус директордарын түмсүүтүн салайааччыта А.А. Миронов уонна үөрэхтээһин холбоһугун директора А.В. Мосоркина сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар; бииргэ үлэлээһин суолтата уонна туһата үгүс буолуоҕун туһунан эҕэрдэлэригэр бэлиэтээн эттилэр.
Быйылгы “Сыл бастыҥ студена” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх номинана, баһаарынньык идэтигэр уһуйуллар Александр Оконешников студеннар ааттарыттан харда махтал тылын тиэртэ.
Үөрүүлээх чаас кэнниттэн тэрээһин кыттыылаахтарамастарыскыайдары кэрийэн, сыныйан көрдүлэр-иһиттилэр.Үөрэхтээһин холбоһугар сайдыыга сирдиир аныгы мастарыскыайдар баар буолбуттарыттан кэлбит эрэ барыта астынна.
Бу мастарыскыайдар салайааччыларынан литейнэйгэ А.А.Громов, тыа хаһаайыстыбатыгар туттулллар массыыналарга В.Н. Рахматуллин ананан, үлэ үөһүгэр түстүлэр. Кэскиллээҕи өтө көрөн үлэлиир директор Анна Васильевна Мосоркина маастардары, уһуйааччыларыМоскванан, Дьокуускайынан ыытан, араас курстарга үөрэттэрдэ. Аны мантан ыла бу мастарыскыайдар тигинэччи үлэлээн, саха ыччатын үрдүккэ, сырдыкка сирдиэхтэрэ, дьоҕурдарын сайыннарыахтара диэн эрэл санаалаах бары үөрэн-көтөн, тарҕастыбыт.
Харбалаахтан СӨ үтүөлээх учуутала Валентина Кривошапкина