Саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин хоһооннорун ааҕыы күрэҕэр ким эрэ сыанаҕа аан бастаан тахсан долгуйда, үөрдэ-көттө, опыт ылла.
Алеша Тарскай Чараҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ. Салайааччыта Марьям Семеновна Федосеева. Күрэххэ “Ырыам диэн хоһоону аахта.
– Бу хоһоону бастаан элбэхтик аахпытым. Ис хоһоонун өйдөөбүтүм. Дьэ уонна икки күн устата үөрэппитим. Хоһоону нар испэр ааҕа сылдьыбыт буоламмын, өйтөн ааҕарга ыарырҕаппатым. Сыанаҕа тасхан баран, долгуйбутум. Сүһүөхтэрим хамсаабыттара. Ол да буоллар үчүгэйдик аахтым, – диэн кэпсиир Алеша Тарскай.
Ньургун Макаров Дүпсүнтэн сылдьар. Иван Мигалкин “Катюша” диэн хоһоонун сыанаҕа тахсан наһаа үчүгэйдик аахта. Биир да тылын көтүппэтэ, умнубата. Хоһоону икки күн устата үөрэппит. “Ис хоһоонун өйдөөтөххүнэ”, – түргэнник үөрэтэҕин диир кини.
Уйгулаана Киренская Суоттуттан сылдьар. Иван Мигалкин “Отон этим – оҕо этим” диэн хоһоонун олус чаҕылхайдык аахта. Бу олус дириҥ ис хоһоонноох буолан, киһи үөрэтэригэр ыарахан, – диэн кэпсиир Уйгулаана. Кини сыанаҕа тахсан баран төһө да долгуйбутун иһин, ону олох биллэрбэтэ. Наһаа үчүгэйдик аахта.
Вилена Носова Тулунаттан сылдьар. Иван Мигалкин “Тоҕо?” диэн хоһоонун аахта. Кыра эрдэҕиттэн хоһоону ааҕар буолан, уопуттаах. Наһаа истиҥник, иэйиилээхтик аахта.
Эльмира Свинобоева Суотту орто оскуолатыттан сылдьар. Иван Мигалкин “Мүрүбэр” диэн хоһоонун аахта. “Хоһоон тыллара, ис хоһооно – барыта Тойон Мүрүнү кытта ыкса сибээстээх буолан, үөрэтэргэ ыарахана суох”, – диир. Эльмира сыанаҕа уратытык көһүннэ. Таҥаһа олус кэрэ.
Кыттыбыт оҕолор Иван Мигалкин хоһооннорун олус кыһаллан үөрэппиттэрэ көстөр. Көстүүмнэригэр тиийэ бэлэмнэммиттэр. Иван Васильевич хоһоонноро оҕолору үөрэтэр, кэрэҕи сирдиир.
Катя БАКАЕВА, Алеся НИКОЛАЕВА,
VIII “Г” кылаас, Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолата