Саха сирин араас улуустарыттан сылдьар, тыа оскуолаларын оҕолоро, «Кэскил» медиа оскуола юнкордара Москва куораккэ кэллибит. Биһиги Россия киин куортыгар кэлэр путевканы саас олунньу ыйга «МУУС УСТАР» ыччат фестивалыгар «СААС» форумҥа үчүгэйдик үлэлээн ситиспиппит. Миэхэ тус бэйэбэр 80 оҕоттон бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитим улахан ситиһии этэ.
Кэтэһэиилээх күммүт от ыйын 24 күнэ кэтэспит санаабар, өр да өр кэлэн испэтэҕэ. Онтон дьэ айанныыр күммүт үүнэн, сарсыарда 9 ч. 40 мүн. «Якутия» авиахампаанньа 479 нүөмэрдээх рейсинэн Москва куоракка көпүппүт. Москва улуу куорат дии саныыбын. Онон айана даҕаны уһун. Алта чаас көттүбүт.
Үс сулустаах «Измайлова Бета» гостиницаҕа түстүбүт. Хоспутугар иккилии буолан олоробут. Биһигини кытта анал байыаннай дьайыы байыастарын оҕолоро бааллар.
«Кэскил» медиа оскуола юнкордара Москва куораты Россия былыргы историятын кытта сибээстээх экскурсиянан арыйдыбыт.
Ол курдук бастакы экскурсиябыт Измайлово уһаайба устун буолла. Киинэҕэ көрөр, история уруоктарыгар үөрэтэр былыргы ыраахтааҕылар уһаайбаларын илэ харахпытынан дьиҥнээхтик көрдүбүт! Петр I манна Измайлово уһаайбаҕа күн сирин көрбүтэ диэн этэллэр эбит оннооҕор сорох учуонайдар.
Улуу куорат улуу сиригэр сылдьар улахан да дьол биһиэхэ тосхойбут эбит!
Измайлово уһаайбаҕа нуучча норуотун үҥкүүлэрин үҥкүүлээтибит, былыргы оонньуулары оонньоотубут, ол иһигэр лапталаатыбыт, «Белки и орешки» оонньоотубут. Байанайбыт мүчүк гынан, оннооҕор тыыннаах саһылы кытта көрдүбүт.
Киэһээҥҥи аһылыкпытын атыы-тутуу киинигэр аһыы олороммун саха норуотун поэта Иван Васильевич Мигалкин Москва туһунан: «Омос көрүүгэ, килэйэн-халайан, түүҥнү уоттара ыраахтан угуйа сандааран, куорат да куорат. Маннык баай-талым олохтоох куоракка дьоллоохтор эрэ олороллоро, үлэлииллэрэ буолуо дии саныыгын.Күн талбытыҥ барыта баар», – диэн суруйбутун ордук чугастык санаан ыллым.
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы