Оҕолор, дорооболоруҥ! Кэҕэ хаһан кэлэн этэрин билэр буолуохтааххыт: ыам ыйын 22 күнүттэн этэн саҕалыыр, кыратык эрдэлиэн, биитэр, хойутаан этиэн сөп.
Оттон хаһан этэн бүтэрин билэҕит дуо? Кэҕэ от ыйын ортото, ол аата, от ыйын 15 күнүттэн этэн бүтэр эбит. Үчүгэй, быйаҥнаах сайыҥҥа от ыйын 21 күнүгэр диэри этэр. Холобур, былырыын наһаа үчүгэй сайын ааспыта, кэҕэ от ыйын 21 күнүгэр диэри эппитэ. От ыйа саҕаланан, интэриэһиргиир буоллаххытына, кэтээн көрүөххүтүн сөп.
Оҕо сылдьан биир кэҕэҕэ сыһыаннаах түгэҥҥэ түбэспиппин кэпсиим. Ити III кылааска үөрэнэ киирбит сылбар, 1973 сыллаахха, күһүөрү, балаҕан ыйын ортото этэ.
Биирдэ муҥхалыы барбыппытын өйдүүбүн. Элбэх буолан массыына куузабыгар тиэллэн барбыппыт. Төһө өр, төһө ыраах айанаабыппытын өйдөөһүн суох, арай куузапка айанныыр үчүгэй да эбит диэн өйдөөн хаалбыппын.
Муҥхалыыр алааспыт наһаа улахана суох, кыра да диэххэ сөп, куула өттүгэр уһаан көстөр ньолбуһах күөллээх, оттонор улахан ходуһата суох, тута кэриэтэ үрдүк сыырдаах халдьаайылаах кыра чоҥолох алаас.
Киһи элбэх буолан, биһиэхэ ким да наадыйбат, сып-сап туттан, муҥхаларын күөлгэ түһэрбитинэн бардылар. Биһиги, оҕолор, сыыр үрдүгэр тахсан, үөһээттэн алааспытын кэриччи көрөн, күөлгэ үлэлии сылдьар дьоммут кыччаан көстөллөрүн көрөн, тиит үрдүгэр ыттарбыт буоллар, өссө кыччаан көстүө этилэр диэн, тиит үрдүгэр ыттан бардыбыт.
Биир үрдүк тиит төбөтүгэр ыттан, оҥостон олорон күөлү, дьоммутун көрөбүт, өссө кыччаабыттарын көрөн үөрсэбит. Үөһээ тахсыбычча, мин кэҕэлээн чоргуйдум. Ол олорон көрбүтүм, күөлгэ муҥхалыы сылдьар дьоммутуттан биир киһи биһиги олорор туһаайыыбытын көрбүтүнэн иһэр эбит.
Кэҕэлиирбин тохтотон, үһүөн мас лабаатын быыһыгар кириһэн олордубут. Киһибит сыыр үрдүгэр тахсан мастар үрдүлэрин көрө-көрө, биһиги олорор маспыт аннынан ааһан истэҕинэ, күлсэн кэбистибит. Киһибит күлсэрбитин истэн, хантас гынан, мас лабаатын быыһыгар олорорбутун көрөн: “Бу чэмэйдэр, дьаабылана сылдьаллар эбит. Түһүҥ, ылыҥ”, диэн түһэртээн, иннигэр уктан күөлбүтүгэр киирдибит.
— Бу бааллар, кэҕэлэргит, — диэтэ.
— Дьэ, бу оҕолор кэҕэлээҥҥит, оҕонньоттору куттааҥҥыт, “бэстилиэнэй тыһыынча үүннэ”,—дэттэрэн,— оҕонньоттор кириэстэнэн сапсыахайданыы бөҕө буоллулар, — диэтилэр.
Билигин санаан көрдөххө, былыргы дьон айылҕа хаамыытынан кини көтөрө-сүүрэрэ кэлиитигэр-барыытыгар былыргы таҥараларынан ыйдаран олохторун-дьаһахтарын оҥостон кэллэхтэрэ. Онно муҥхаҕа кырдьаҕас, XIX үйэ бүтүүтэ төрөөбүт, XX үйэ саҕаланыыта төрөөбүт оҕонньоттор бааллара.
От ыйын ортото этэн бүппүт кэҕэ балаҕан ыйын ортото этэн чоргуйбута кырдьык да, куттаатаҕа.
Билигин бэйэм саастыы дьонтон кэҕэ хаһан этэн бүтэрин ыйыттахпына, үгүстэрэ соһуйаллар. Кэҕэ хаһан этэн саҕалыырын билэбит, оттон хаһан этэн бүтэрин билбэппит, аахайбатах эбиппит, дииллэр.
Кэҕэни сымыыттан оҕолорун бэйэтэ ииппэт диэн буруйдууллар, оттон кини кыһалҕаттан атын чыычаахтар уйаларыгар сымыыттаан, оҕолорун ииттэрэр. Кэҕэ атын чыычаахтар сиэбэт түүлээх дьааттаах үөннэринэн аһылыктанар, онон кини биһиги тыынар салгыммытын оҥорор, тыабытын харыстыыр. Онон дьааттаах үөннэри сиир буолан, оҕолорун бэйэтэ кыайан ииппэт.
Манан мин кэҕэ туһунан кэпсээн бүттүм. Элбэхтэ ааҕыҥ. Ааҕыыга баар, бүппэт барҕа баай, элбэҕи билиэххит, элбэҕи бэйэҕитигэр ылыныаххыт, олоххутугар туһаныаххыт.
Семен КОЛОДЕЗНИКОВ,
Бороҕон, Уус Алдан