Бэс ыйын 30 күнүттэн татами көбүөргэ дзюдоҕа барыта 136 спортсмен күөн көрсө сылдьар. Бу уустук, туспа философиялаах спорт көрүҥэр барыта 15 хамаанда кыттыыны ылар. Олор истэригэр уон хамаанда тас дойдуттан. Саха сирэ дзюдоҕа икки хамаанданы туруорда. Үс күн тухары араас дааннаах дзюдоистар бэйэ-бэйэлэрин кытары күөн көрсүөхтэрэ.
Дзюдо историятыттан
Япония дойдутуттан кэлбит үйэ саастаах дзюдо диэн спорт көрүҥэ Токиоҕа ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар программаларыгар аан бастаан 1964 сыллаахха киирбитэ. Онтон бу Арассыыйаҕа, Сэбиэскэй бириэмэ саҕана, Василий Ощепков диэн киҺи тренер быһыытынан үөрэтэн саҕалыыр. Кини дзюдону төрүттээбит Дзигоро Кано диэн киҺиэхэ бэйэтигэр үөрэммит эбит.
Владимир Путин дзюдоҕа 8-с дааннаах
Бу кэнники сылларга дзюдону сэҥээрэр дьон элбээбитэ биллэр. Дойдубут Президенэ Владимир Владимирович Путин бэйэтэ сөбүлээн дьарыктана сылдьыбыт буолан, дзюдо сайдыытыгар бэйэтин кылаатын уурбута. Оҕолоор, эһиги билэҕит дуо, дойдубут Президенэ хаһыс истиэпэннээх даан ылбытын? Владимир Путин дзюдонан 11 сааһыттан дьарыктанар, кини 8-с дааннаах спорт маастара.
Даан диэн маастар төһө таһымнаах, истиэпэннээх маастарын көрдөрөр бэлиэ эбит. Дзюдоҕа 1-тэн 10-ҥа диэри даан баара биллэр. Хас биирдии таһымҥа дзюдоистар курдарын өҥө эмиэ араас буолар эбит. Ол курдук, кыраттан саҕалаатахха, маҥан, саһархай, араҕас, от күөх, халлаан күөх, бороҥ курдар, онтон саамай үрдүк таһымы көрдөрөр хара кур буолар.
Бу VIII «Азия оҕолоро» оонньууларыгар дзюдо спорт көрүҥэр спортсменнар хайдах дьүһүннээх курдаахтарын бэлиэтии көрөн, бэйэҕит хайдах таһымнаах спорстменнар Сахабыт сиригэр баалларын уонна тас да дойдуттан кэлбиттэрин билиэххит.
Cуруйда Алгыстаана Захарова, хаартыскаҕа Сайыына Тобонова түһэрдэ,
оҕо пресс-киинэ.