Бэс ыйын 27 күнүттэн VIII «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларын биир көрүҥэ баскетбол саҕаланна. Баскетбол Комсомольскай болуоссакка от ыйын 2 күнүгэр диэри ыытыллар.
Ол эрэн боростуой баскетбол буолбакка, 3х3 диэн буолар. Судьуйалар этэллэринэн, оонньуулар улахан уратылаахтар. «Баскетбол 3х3» атыннык «стритбол» диэн ааттанар, ол аата оонньуур сирэ кыра, хамаандаҕа үстүү киһи баар, биир кольцолаах.
Баскетбол федерациятын Президенэ Сергей Петров:
— Бастатан туран «Азия оҕолоро» оонньууларын тэриллиитэ олус үчүгэй, бэлэмнэнии эрдэттэн саҕаламмыта. Баскетболга тоҕус уолаттар, сэттэ кыргыттар хамаандалара баар. Ол курдук, Урал, Сибирь, Дальний Восток уокуруктара, Саха, Казахстан, Узбекистан, Кыргызстан, Белоруссия, Таиланд хамаандалара кыттыыны ылыахтара. Ону тэҥэ үрдүк таһымнаах, Арассыыйаҕа 20 иһигэр киирэр судьуйалар бааллар. 3х3 баскетбол уонна 5х5 улахан уратылаахтар. Биһиги көрүҥмүт сүрдээх өрө күүрүүлээх уонна интэриэһинэй, күүстээх дьарыгы эрэйэр, спортсменнар күүстээх туруктаах, түргэн туттуулаах буолуохтаахтар. Уолаттар да, кыргыттар да биир тэҥ бэлэмнээхтэр, кыайыыга эрэллээхтэр, онон күрэхтэһии тыҥааһыннаах буолуо.
Казахстан хамаандатыттан Ыбрай Каусар:
— Уон биэс саастаахпын, уһунум 170. Биир тылынан баскетбол миэхэ дьайыытын сатаан эппэппин, бастатан туран мотивация биэрэр. Атын спортсменнар курдук, баскетболист дисциплиналаах, бэйэтин дьарыктыыр, кыайыыга эрэллээх буолуохтаах. Хамаандабынаан Казахстаҥҥа элбэх чемпионаттарга бастаабыппыт, Ташкеҥҥа ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ миэстэлээхпит, ситиһиилэрбит уопсайынан элбэхтэр. Дьарыкпыт үчүгэй, өйбүнэн-санаабынан, эппинэн-хааммынан оонньууга бэлэммин.
Урал федеральнай уокуругун тренерэ Татьяна Казакова:
— Иитиллээччилэрбэр «кыайыы уонна кыайыы эрэ» диэн туоруоруу биэрэбин, кыһаллыы, темпаны тутуу эмиэ наада. Бэйэбит 5х5 оонньуур буолан улахан уопута суохпут эрээри үөрэнэн иһэбит. Спортсменнар кыайыыга күүскэ бэйэлэрэ туруналлар. Сүрүнэ диэн, биһиги уокурукпут чиэһин көмүскүүбүт. Саха сирин олус сэҥээрдибит, манна барыта үчүгэй, бэйэм даҕаны, кыргыттарым даҕаны наһаа сөбүлээтибит. Күрэхтэһии улахан таһымнаах, эйэҕэс дьоннордоох, Саха сиригэр барытыгар махтал, эһиги маладьыастаргыт!
Ити курдук ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар, спортсменнар санааларын иһиттибит. Кинилэргэ ситиһиилээх оонньуулары, умнуллубат күннэри, кэрэ түгэннэри баҕарабыт!
Анжелина ЖДАНОВА, оҕо пресс-киинин юнкора.
Ааптар хаартыскалара.