2024 сыл — И.Р. Петров төрөөбүтэ 110, Т.Е. Сметанин — 105 сыллара
«Хоһоон хоспоҕо» диэн өйдөбүл Иван Романович Петров Тимофей Сметанин туһунан ахтыытыгар баар: «… Төрдүскэ Гаврил Иванович-Биилин диэн учуутал үөрэтэ сылдьыбыта. Кини поэт этэ. Тима биһикки учууталбытын үтүктэн, киниттэн үөрэнэн, хоһоон суруйар идэлэнэн барбыппыт. Биилин сотору-сотору «Үөрэх ыҥырыыта» диэн Эллэй хоһоонун өйүттэн нойосуус ааҕара. Онтон ыла куоталаһа-куоталаһа хоһоону өйбүтүттэн ааҕар, артистыыр идэлэммиппит. Ордук Тимабыт хоһоон «хоспоҕо» буолбута…». Атын ханнык да суруйууга бу тыл ситимин көрсүбэтэҕим. Хоһоон «хоспоҕо» – ол эбэтэр, өйгө-санааҕа элбэх хоһоону сааһыланан илдьэ сылдьыы, билии, наадалаах кэмҥэ бэйэҕэ эбэтэр дьоҥҥо ааҕыы. Нууччалыыта «кладовка», эбэтэр тупсардахха «кладовая». Тимофей Сметанин оҕо сааһыттан хоһоонунан умсугуйуута бу холооһуҥҥа көстөр, онно тирэҕирэн хомоҕой тыллаах-өстөөх поэт буолан өлбөт-сүппэт айымньыларыгар күүстээх санаатын уонна мындыр толкуйун хааллардаҕа.
Биир дойдулаахтарбытын үйэтитээри маҥнай биэс сыллааҕыта лааҕыр иһинэн маннык ааттаах бырайыагы саҕалыыбытым. Быйыл оскуолаҕа библиотекарь Александра Алексеевна Егоровалыын Поэзия күнүгэр үс түһүмэхтээх «Хоһоон хоспоҕо» тэрээһини биллэрбиппит: 1 — «Кэскиллээх дойдубут Кэбээйи». Кэбээйи улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт хоһооннорун үөрэтэн нойосуус ааҕыы. 2 — «Күнү олус таптыыбын». Аан дойдуга Күн күнүнэн күҥҥэ тапталы хоһуйбут хоһооннору билиһиннэрии. 3 — Поэзия халандаара. 2024 сылга үбүлүөйдээх поэттар айымньыларыттан икки талбыт хоһоону өйтөн ааҕыы. Бу түһүмэххэ оҕолор А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов, Б.Ш. Окуджава, Н.В. Михалева-Сайа, М.И. Цветаева хоһооннорун аахтылар. Александра Алексеевна бырайыакпыт аатыгар сөп түбэһэр хоһоону олус сөбүлүүр, үөрэтэр, дьоҥҥо, истээччигэ тиэрдэр киһи. Түһүмэхтэринэн маҥнай кини тиэмэни сырдатар кэпсээнин, хоһооннорун кыттааччылар сэргээн истэллэр, билиилэрин хаҥаталлар.
Олохтоох ааптардар Саргылана Докторова-Айар Саргы уонна Ньургустаана Дьяконова-Таана сыаналаан уопсай түмүк маннык буолла: I миэстэ – Слепцов Миша (6-б кыл.), Гуляева Айыллаана (7 кыл.), Спиридонов Вася (10-б кыл.) – бастакы миэстэ, II миэстэ – Борисов Юлиан (5-б кыл.), Павлов Дуолан (7 кыл.), Майкифер Женя (10-а кыл.), III миэстэ – Кычкина Павлира (6 б кыл.), Мартынова Анита (7 кыл.), Обутова Карина (8-а кыл.). Кыттар оҕолор хоһоону интэриэһиргээн эрэллэрэ үөрдэр. Кэлэр үөрэх дьылыгар бырайыагы кэҥэтэр, сайыннарар үлэни торумнаатыбыт. Түмүккэ Иван Петров хоһооно:
Олох тыыннаах сиэмэтиттэн
Оһуор анньар хоһооммун
Иэйбит сүрэх төлөнүттэн
Эттээн тыыннаан оҥордум.
Хоһоон норуот санаатыттан
Куоластанан тыллыахтаах,
Оннук хоһоон, номох буолан,
Уостан сүппэт аналлаах.
Отчут, булчут сынньалаҥар
Хоһоон доҕор, сүбэһит,
Үөрэх, тутуу сайдарыгар
Үрдүк сыаллаах үлэһит.
Өлөр суолтан быыһаан ылар
Өлбөт мэҥэ эмп тэҥэ,
Талыы хоһоон поэт дьонтон
Тахсан истэр бэрт этэ.
Вера Заровняева, Кэбээйи улууһа.
Хаартыскаҕа: тэрээһин түгэннэрэ.