2021 сыллаахха ийэм миэхэ «Алыптаах дойдуга» диэн Иван Мигалкин кинигэтин бэлэхтээбитэ.
Саамай үөрбүтүм диэн кинигэ ааптара, суруйааччы тус бэйэтэ миэхэ анаан алгыс тылын суруйбут этэ:
Женя, элбэҕи аах, олоҕу остуоруйаттан эмиэ билэҕин. Ыалдьыбакка, дьоҥҥун үөрдэ сылдьаар”, – диэн.
Ону ааҕан баран, мин олус үөрбүтүм.
Иван Мигалкин бэлэхтээбит кинигэтин куруук аттыбар уура сылдьабын. Балтыларым, быраатым, хойут бэйэм оҕолорум ааҕыахтара диэн харыстыыбын аҕай.
Мин бу кинигэттэн саамай сөбүлээбит остуоруйам “Доҕордоһуу күүһэ” диэн. Сир үрдүгэр саамай күүстээх доҕоттордоох буолуу диэн тугун өйдөөбүтүм. Бэйэм доҕотторбун ордук сыаналыыр буолбутум.
Иван Васильевич миэхэ анаабыт алгыһыгар “олоҕу остуоруйаттан эмиэ билэҕин” диэн эппитэ кырдьык эбит.
Женя ЗАХАРОВ, IX “Г” кылаас, 20 №-дээх оскуола, Дьокуускай